Таптал
Перейти к навигации
Перейти к поиску
Таптал туһунан бэргэн этиилэр, өс хоһоонноро, айымньылартан быһа тардыылар.
Ис хоһооно
Тапталга сыһыаннаах өс хоһоонноро[уларыт]
- Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар.
- Таптыыр дьон таҥаралара биир.
- Таптал баай хоту, аат сурах хоту буолбат.
- Сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи батыһар, таптаабыт тайахтааҕы батыһар.
- Таптыыр сүрэх таайыгас (буолар).
- Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат.
Тапталга сыһыаннаах сомоҕо домохтор[уларыт]
- Сүрэҕин сүүйтэрбит
- Кутун туттарбыт
- Киниттэн күнэ тахсар
- Сүрэҕин чопчута
- Мурун бүөтэ
Таптал туһунан хоһооннортон быһа тардыылар[уларыт]
Таптала суох олоруохпун | |
— Таптал, Баал Хабырыыс, 1963. |
- Таптал - киһи дууһатын уостубат барҕа баайа,
- Таптал - бу тыыннаах олохпут күнэ ыйа.
*Таптал, Иннокентий Артаманов,1967.
- Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булуо,
- Оччоҕо эрэ эн үрдүк дьолунан туолуон.
*Таптал, Иннокентий Артаманов,1967.
Таптал туһунан уус-уран айымньылартан[уларыт]
... Ол курдук кини (Сэмэнчик), Маайаны бэркэ диэн сүрэҕинэн сөбүлээтэ, хараҕынан таптыы көрдө. Ол күнтэн ыла кини түүн аанньа утуйбат, өйүттэн-санаатыттан Маайа тахсыбат: туой кинини көрүөн, кини саҥатын истиэн баҕарар буолан хаалла. Сэмэнчик, Николай Неустроев