Дьол
Тас көрүҥэ
Дьолго сыһыаннаах сомоҕо домохтор
[уларыт]- Дьоло билиэ
Дьолго сыһыаннаах өс хоһоонноро
[уларыт]- Балык ыамнаах, киһи күннээх
- Күнүм буолла: күөнэҕим таҕыста
- Күнэ да күөнэҕэ да буолбут
- Күнүм буолла: күөрэгэйим ыллаата
- Көтөр кынаттаах көтөргө, киһи дьолго ананан айыллыбыттар
- Уол оҕо дьолун туох да билбэт
- Дьол хараҕа суох
- Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах
- Дьоллоох киһи бириэмэни билбэт
Айымньыттан быһа тардыылар
[уларыт]- Оо, Татыйаас!.. Көмүһүм сыыһа!.. Тыыныҥ быстаары сытан, уҥуох-тирии илиигинэн илиибин бобута тута-тута: "Иһит, доҕоччуок, мин эйиэхэ кыра да хом санаата суох баран эрэбин... Төһөтүн да иһин мин эйигинниин дьоллоохтук олордум..." диэхтээбитиҥ. Ол түүн, халтаһаҕын сабан баран, ампаар кэтэҕэр соҕотох олорон, ити тылларгын саныы-саныы, ытамньыйан ылбытым. Миигин уоскутаары эттэҕэ диэх курдук санаан аһарбытым маҥнай. Кырдьыга да, мин эйиэхэ мааны таҥаһы таҥыннарбытым да ахсааннаах буолуо. Эгэ көмүс киэргэл-той кэтэрдэн үөрдэр кэлиэ дуо? Ол да буоллар эн кыларыйан турар кырдьыккын эппитиҥ. Дьол диэн - бэйэ-бэйэни үчүгэйдик санаһан, тиһэҕэр тиийэ эрэнсэн-итэҕэйсэн, биир эт-хаан буолан олоруу. Дьол диэн - бар дьону кытта бииргэ үлэлээн, бииргэ эрэйдэнэн, бииргэ үөрсэн, хомойсон, ытыктабыл үөһүгэр сылдьыы. Дьол диэн - оҕолор, сиэннэр. Ама мин эйигин таптаабатах, эйигин итэҕэйбэтэх бэйэлээх буолуом дуо. Дьонугар-сэргэтигэр эн курдук ытыктанар дьахтар ахсааннаах ини...
- Софрон Данилов. Бааһына
Хоһооннортон быһа тардыылар
[уларыт]Дьолу мин уларсабын | |
— Дьол, Семен Данилов |
Дьоллоох олоҕу тэрийбэккин үөһэттэн, | |
— Гавриил Адамов. Үтүө баҕа санаам миэнэ.2014. |
Тот күҥҥэ дьол суолтатын | |
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Эр аһыыта.- Якутскай, 1978, С. 187 |