Иһинээҕитигэр көс

Ыал

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сомоҕо домохтор

[уларыт]
  • Ыал ийэтинэн.

Өс хоһоонноро

[уларыт]
  • Ыал аһа холумтаҥҥа хаалар.
  • Балыктаах күөлгэ кус бултуур,дьон таптыыр ыалыгар дьон тохтуур.

Ыал туһунан бэргэн этиилэр

[уларыт]
  • Ыалыҥ дьоро киэһэтигэр

Ыһыырынньык буолуохтааҕар,
Алдьархайдаах күннэригэр
Аал уот буола сатаар.
Н. Герасимов – Айталын

Ыал буолуу туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

(Бүөтүр) "Хата, биир эмэ кыыһы булан кэргэннэн. Ыал буол, оҕото-уруута төрөт. Ол буолар киһи кэскилэ, уол оҕо дьоло. Оҕото суох киһи син муҥурах мас кэриэтэ, силис тардыбат, сиэмэтин ыспат. Сотору кырдьыаҥ, эмэҕирэн охтуоҥ. Олоҕуҥ бүттэҕэ ол! Кэннигэр хаалар кимэ да, туга да суох... Оннук олоруох кэриэтэ - олоҕу олорботох ордук. Ол баар кырыыстаах кыраабыт олоҕо".

  Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.73
  •  

(Дьөгүөрсэ Тырыҥкаайап "Оҕолонуоххун-урууланыаххын баҕарар буоллаххына, өр огдообо буолан олорума. Кэргэннэн", - диэн баай ыал эмээхситтэрин тылларын ылынар. Бу иннинэ икки кэргэнэ иккиэн өлөөхтөөбүттэрэ). Дьөгүөрсэ бэйэтэ даҕаны кэргэн ылыан мээнэ баҕарара. Сааһа отут биэһин ааспыта, сотору түөрт уончата буолуоҕа. Түөрт уонугар тиийэн оҕолонноҕуна, хаһан кинини улаатыннарар, үөрэттэрэн киһи оҥорон бэйэтин оннугар хаалларар. Ол эрээри кыргыттары да, дьахталлары да талымастыыра, бэркэ сирийэн көрүтэлиирэ. Түмүгэр тиийэн, дьон үөйбэтэҕин-санаабатаҕын, уонтан тахса оҕолоох Саппыйаан Сааба сүүрбэ иккитин туола илик кыыһын, Татыйаананы ыйыттарбыта. Саппыйаан Саабалаах нэһилиэктэрин үрдүнэн биллэр дьадаҥы ыаллар. Элбэх оҕо тэпсэн аһыылларыгар астара тиийбэтэ, таҥналларыгар таҥастара татыма. Ол курдук олорор ыал, оҕолорун улуус кулубата тойон, баай киһи Тырыҥкаайап, ыйыттарбытын дьоллорунан аахпыттара уонна кыыстарын күүстэринэн кэриэтэ эргэ биэрбиттэрэ.

  Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.121
  •  

 Кэргэнниилэр... Эр-ойох дьон... Кинилэр интимнэй олохторун бары боруҥуй муннуктарын, бары ымпыктарын-чымпыктарын, кинилэр күлүмүрдэс дуу, күлүгүрбүт дуу күннэрин, сыралҕаннаах дуу, дьыбарсыйбыт дуу түүннэрин бэйэлэрэ иккиэйэҕин эрэ билиэхтээхтэр. Бэл бу күн сиригэр бэйэлэринээҕэр да күндүркэтэр, саамай-саамай чугас дьонноро - оҕолоро ону билиэ суохтаахтар. Атын дьон - эгэ эрэ. Туора тумус ол эйгэҕэ букатын өҥөҥнүө суохтаах. Кэргэннии дьон сыһыаннарыгар ойоҕостон орооһуу төһөнөн оччугуй да, соччонон ордук.
 

  Софрон Данилов. Сарсын эмиэ күн үүнүө. Олох тыгыалас тымыра. Талыллыбыт айымньылар. Дьокуускай,1994 С. 194