Уол

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Уол - оҕо эбэтэр эдэр эр киһи

Уол оҕо туһунан өс хоһоонноро[уларыт]

  • Уол оҕо, ат кулун.
  • Уол оҕо-бөрөб кыыс оҕо-саһыл.
  • Уол оҕону хаһан тугу кыайыай диэмэҥ.
  • Уол оҕо дьоллох, таҥара баайдаах.
  • Уол оҕо дьоло сир түөрт өттугэр.
  • Хара тыа баайдаах,уол оҕо дьоллох.
  • Уол оҕо дьолун туох да билбэт.
  • Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар.
  • Уол оҕо уон өттүктээх биир күн ат өрөҕөтүгэр биир күн ат уорҕатыгар.
  • Уол оҕо төрүөҕүн эрэ кэрэх.
  • Уол оҕо киинэ хаалбыт сиригэр баһын уҥуоҕа көмүллэр.
  • Уол оҕо, саадаҕын үстэ ыйаан баран, киһи буолар,
  • Уол оҕо дьоллох,соноҕос ат оргулаах.
  • Уол оҕо туохха төрүүрүй, ат кулун ханныка айылларый.
  • Уол оҕо дьоло орто дойдуга, баайа балаадаҕа, көлөһүнэ күн сиригэр.
  • Уол оҕо, ойдоох бууру охтордоҕуна, олоҕо тупсар, арҕахтаах эһэни самнардаҕына, санаата табыллар.
  • Уол оҕо хаҥас илиитэ-хара саарба уҥа илиитэ - уу харчы.