Таҥара
Тас көрүҥэ
Таҥара — итэҕэлгэ тугу барытын айбыт уонна дьаһайар күүс
Сомоҕо домохтор
[уларыт]- Таҥара аһан (аһын) биэрдэр (биэрдэҕинэ) (Таҥара көмөлөстөр)
- Таҥара аһын курдук тут (Аһы наһаа харыстаа, кэччэй)
- Таҥара атаҕын кууһа сытар (Наһаа таҥараһыт)
- Таҥара баарына (Кырдьыгы этэбин, сымыйалаабаппын)
- Таҥара биэрбэтин (быыһаатын) (Оннук алдьархайы, куһаҕаны биһиэхэ (миэхэ) таҥара биэрбэтин, онтон быыһаатын)
- Таҥара биэриэ (Таҥараттан көрдөһүү, эрэнии)
- Таҥараҕа мастаммыкка дылы (халлааҥҥа хардаҕастаммыкка дылы) (Мөлтөх, кыаҕа суох эрээри, күүстээххэ, кыайбатыгар утарылаһарын этэллэр)
- Таҥараҕа тигис (таҥара аһын ыл) (Таҥараны итэҕэйээччилэр былыр сылга биирдэ, хара аһынан хобдохтук аһаан, аҕабыкка айыыларын этэллэрэ, айыыларыттан быыһанаары. Ол таҥараҕа тиксии диэн ааттанара)
- Таҥараҕа тиксэр курдук (кэриэтэ) (1. Хаһан эмэ, дэҥ кэриэтэ сыл баһыгар-атаҕар; 2. Олус күндүтүк санаан)
- Таҥара гынан үрэр (Наһаа ытыктыыр, куттанар, өрө көрбөт)
- Таҥара көмөлөһөө ини (Куһаҕан, алдьархай буолуо суоҕа)
- Таҥара көмөтүнэн (Туох эбит, холобур, олох үчүгэй, санаа хоту буоллаҕына, этэллэр. Ол былыргы саха саныырынан таҥара көмөтүнэн буолар)
- Таҥара накааһа (Улахан сор, муҥ)
- Таҥара өстөөххө да биэрбэтин (Ынырык быһыы, сор, муҥ (бэл өстөөххө куһаҕаны төһө да баҕарбыт киһи, маннык ынырык, ыар сору-муҥу баҕарар сүрэ бэрт)
- Таҥара санаа биэрдэҕинэ (Бэйэтэ кыайан өйдөөбөт киһиэхэ үчүгэй санаа киирдэҕинэ)
- Таҥара уон оччону биэриэ (Харыстаама, кэччэнимэ, биэр, ол биэрбиккин таҥара кэлин уон оччонон төлүөҕэ диэн этии)
- Таҥара үҥүүтүгэр ыыт (анаа) (Аҕабыт аньыыны оҥорбут киһини буруйдаан, таҥараҕа үҥэргэ уураахтаан ыытар)
- Таҥара табата.
- Үҥэр таҥара оҥоһун.
Өс хоһоонноро
[уларыт]- Киһи саныыр — таҥара аныыр
- Норуот хараҕа — таҥара хараҕа