Сүрэх
Тас көрүҥэ
Сүрэх - харамай хааны хачайдыыр уоргана.
Сомоҕо домохторо
[уларыт]- Кус сүрэх (Куттас)
- Сүрэҕин-быарын сымнат (Үөрт, манньыт, санаатын көтөх, уоскут)
- Сүрэҕин ытарҕата, быарын тулаайаҕа (Баар-суох күндү, тапталлаах киһитэ, соҕотох оҕото)
- Сүрэҕин-быарын ортотунан киирдэ (Сөбүлээтэ, таптаата)
- Сүрэҕин быата уһун (Ыксаабат, тиэтэйбэт, долгуйбат, холку)
- Сүрэҕи эрийэр (Хотуолатаары гынар, сүрэҕи мөҥүһүннэрэр)
- Сүрэҕэ айаҕар таҕыста (Сүрдээхтик куттанна)
- Сүрэҕэ аһы ылбат (Улаханнык ыалдьар киһи аһаабат буолтун этэллэр)
- Сүрэҕэ бар гынна (Киһи улаханнык куттанан, сүрэҕэ эмискэ тохтуурун этэллэр)
- Сүрэҕэ баас буолбут (сүрэх баастаах) (Ыар сүтүктээх аһыыны аһыйбыт (хас да төгүл), саллыбыт, кэһэкэнэ буолбут)
- Сүрэҕэ-быара (санаата) бөҕөх (Бүтэйдии эрэнэр, улаханнык эрэнэр (ол-бу тахсыа, куһаҕан буолуо суоҕа диэн)
- Сүрэҕэ-быара сымнаата (Манньыйда, уоскуйда, үчүгэй майгыланна, үөрдэ)
- Сүрэҕэ көбөр (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
- Сүрэҕэ өлөхсүйэр (олохсуйар, эриллэр) (Сүрэҕэ өрүкүйэн хотуолуох курдук буолар)
- Сүрэҕэ өрүкүйэр (көбөр) (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
- Сүрэҕэр түһэр (Сытыы, сыалаах, арыылаах аһы, сүрэҕэ сэлибирээн, кыайан сиэбэт)
- Сүрэҕэр ыттарда (Туох эрэ куһаҕан буолуоҕун сэрэйэн, дьиксиннэ)
- Сүрэҕэ суох (Үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэлдьиир киһи)
- Сүрэҕэ таайар (Сэрэйэр)
- Сүрэҕэ тэппэт (Баҕарбат, буолуганнаабат)
- Сүрэҕэ хайдыбыт (1. Урут алдьархайга, дэҥҥэ-оһолго түбэһэн, куттас буолбут, саллан хаалбыт, кэһэйбит. 2. Куттанан, соһумар иэдээнтэн өлбүт.)
- Сүрэҕэ халыҥ(Аһыныгаһа суох)
- Сүрэҕэ ытырбахтыыр (Куһаҕан буолуон сэрэйэн сүрэҕэ ыалдьар, дьиксинэ саныыр)
- Сүрэҕэ ыалдьар (1. Кыһанар, көмөлөһүөн, үтүөнү оҥоруон баҕарар)
Өс хоһоонноро
[уларыт]- Ийэ сүрэҕэ — оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ — тааска.
- Сүрэх билэр, сүһүөх билбэт.
- Таптыыр сүрэх таайыгас (буолар).
- Эр сүрэҕинэн, дьахтар тапталынан.
Сүрэх уус-уран айымньыларга
[уларыт]Эмньик да сүрэххэ | |
— Игнатий Слепцов, "Күөрэгэй" ырыа |