Иһинээҕитигэр көс

Киһи

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Киһи - дьонтон биирдэстэрэ.

Синиэнимнэрэ: икки атахтаах

Сомоҕо домохтор

[уларыт]
  • Лээби киһи
  • Икки атах
  • Иннинэн сирэйдээх
  • Киһилии киһи
  • Киһи киһитэ
  • Киһи-хара буол
  • Иллэҥ ыт эмэһэтин саланарыгар дылы (Тугу да гынара суох киһи солуута суох дьыаланан дьарыктанарын этэллэр)
  • Киһи айаҕар баппат тыл (Быдьар тыл, үөхсүү тыл)
  • Киһи аахсыбат киһитэ (Куһаҕан киһи, акаары, киһи сатаан өйдөппөт киһитэ)
  • Киһи баара холлуо дуо (Оҕо кыратык да туһалаатаҕына итинник этэллэр)
  • Киһи билэр киһитэ (Кини баҕас кимэ-туга (куһаҕана) биллэр киһи, онон улаатымсыйбатын диэн өйдөбүллээх)
  • Киһи буол, кии буол (Үчүгэй да, куһаҕан да буол, онно мин кыһаммаппын)
  • Киһи гыммат (Тулуппат, киһилээбэт)
  • Киһи да күлэр (Күлэргэ олуона түбэлтэҕэ бэркиһээн күллэхтэринэ этэллэр)
  • Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да билбэт (Атын киһи итэҕэһин, кыра да буоллар, көрөр, бэйэтин киэнин, улахан да буоллар, билиммэт)
  • Киһи иннин сарбыйар (Киһи инники кэскилин алдьатар, киһини киһи буоларын сарбыйар, куһаҕаҥҥа тиэрдэр)
  • Киһи итэҕэһигэр кэлбит киһи (Киһи ахсаанын ситэрэр суолтаҕа сылдьар сыппах, туһата суох киһи)
  • Киһи иилэн ылар киһитэ (суох) (Тонуктаах, балачча үчүгэй, дьоһуннаах, өйдөөх киһи (суох)
  • Киһи куйахата ытырбахтыах
  • Киһи кута-сүрэ тохтообот
  • Киһи кэпсэппэт (көрбөт), ыт үрбэт буолбут, ынах кэйбэт (маҥыраабат) (Буорайбыт, быстыбыт, ким да кыһаммат, аахайбат, ахсарбат буолбут)
  • Киһилии санаалаах (Үчүгэй киһи)
  • Киһини билбэт буолбут (1. Улахан ыарыыттан өйүн сүтэрбит. 2. Улахамсыйбыт)
  • Киһини билэр (өйдүүр) буолуоҕуттан (Олох кыратыттан)
  • Киһини былдьаабыт (Алдьархайга (уокка, ууга, адьырҕа кыылга) киһи түбэһэн өлүүтүн этэллэр (харыстаан этии)
  • Киһи сирэйин (хараҕын) таба көрбөт (Кыбыстар, саатар, дьулайар)
  • Киһи тыла хонор (Ким эрэ туһунан куһаҕан кэпсээн, хоп-сип тарҕанара)
  • Киһи тылга иҥниэ
  • Киһи тылын истэр
  • Киһи тылын уйбат ( Кэпсэтии кыра энчитин сөбүлээбэт, кыыһырар)
  • Киһитэ кини (мин, эн) буоллаҕа (Кини, (мин, эн) бэрт (куһаҕан) буолан, оннук буоллаҕа дии диэн этии
  • Киһи тэҥэ суох (Улаатымсыйбыт, киэбирбит)
  • Киһи=хара буол (Үчүгэй олоҕу олор, үчүгэй киһи буол)
  • Киһи эрэ аатын ылан (сылдьар) (Киһи сыппаҕын, мөкүтүн туһунан итинник этэллэр)
  • Киһи эрэ буоллар (Төһө да кинитин иһин, бэйэтэ баһыттарар түбэлтэҕэ түбэһэн)
  • Киһи эрэ буолларгын (Эр бэрдэ буоллаххына (оннук гын, биитэр оннук гыныма)
  • Киһи эрэ кырдьыктаммат диэн (Наһаалаабыт киһини сэрэтии, буойуу: кыыһырдахпына куһаҕан буолуо)