Иһинээҕитигэр көс

Күн

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Күн — сулус, Күн тиһигин киин эттигэ, Сир Күнү тула эргийэр. Күн сырдыга, биэрэр сылааһа Сиргэ олох баарын кэрэһилиир, хааччыйар.

  •  

Күн курдук күлүмүрдээҥ,
Ый курдук сандаарыҥ,
Сулус курдук тырымнааҥ...

  Кыыл Уола, Аныгы ыччакка алгыс. "Кэскил хаһыат" 2020 с. бэс ыйын 30 к. нүөмэриттэн, 7 сир. ылылынна
  •  

Мин күнү көрбүтүм,
Мин манна үүммүтүм —
Бу налыы сыһыыбар,
Бу чараҥ аларбар.

  Сэмэн Данилов тылларыгар Г. Никифоров мелодяитыгар ылланар "Өлүөнэ эбэкэм" ырыаттан
  •  

Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй?
Күөх сирэм күкээриэ.

  Эллэй тылларыгар Ольга Иванова ырыатыттан
  •  

Саппаҕырбыт санааны
Сардаҥанан толорор,
Күлүгүрбүт халлааны
Күлүм-мичил оҥорор
Күнү – күнү таптыыбын,
Күнү олус таптыыбын.

  Кындыл Уйбаан