Харах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Харах

Харахха сыһыаннаах сомоҕо домохтор, өс хоһоонноро, бэргэн этиилэр, айымньылартан быһа тардыылар.

Харахха сыһыаннаах сомоҕо домохтор[уларыт]

  • Чолбон харах
  • Уоттаах чолбон (курдук) харах
  • хара харахпар көстүмэ
  • хара харахтаах көрбөтүн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин
  • харах баайыыта
  • харах бэс - ордук санаатахха, ордугурҕаатахха туттуллар
  • харах бэстээх
  • харах дала
  • харах дьүккэтинии харыстаа
  • харах-көс буол - кэтээ
  • харахпар көстүмэ
  • харахтаах көрбөтүн, кулгаахтаах истибэтин
  • харахтаах кынчарыйыа, илиилээх охсуо, тыллаах этиэ
  • харахтан сыыһы ылбыт курдук
  • харахтара ирэн барда
  • харахтарын аллара көрдүлэр
  • харахтарын хааннааҕынан көрдө
  • харах таһаарын - барыс киллэрин, туһан
  • харах тэстэринэн
  • харах тэстэр хараҥата
  • харахха быраҕыллар
  • харах халтарыйар - наһаа элбэх эбэтэр олус кэрэ
  • харах харамыгар
  • харах харатын курдук харыстаа
  • хараххар өл
  • хараххар үүт ыгыахтара суоҕа

Харахха сыһыаннаах өс хоһоонноро[уларыт]

  • Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
  • Чарапчылаах көрүөҕэ, бэргэһэлээх истиэҕэ.
  • Баай хараҕар харчы кыбыллыбыт.
  • Байар киһи хараҕа дириҥ.
  • Нуучча хараҕын уута эрэ суох.

Харах туһунан этиилэр[уларыт]

  • Таптыыр харах көннөрү харах көрбөтүн көрөр дииллэр.
  • Харах – киһи дууһатын сиэркилэтэ. Куһаҕан, кирдээх, кэтэх санаалаах киһи хараҕа сырдыы оонньуу сылдьарын хаһан да көрүөҥ суоҕа.
  • Сонун харах ордук кыраҕы, көрө үөрэммит киһи көрбөтүн көрөр дииллэрэ кырдьык.
  • …киһи хараҕа эмискэ арылла түһэр, урут аахайбатах ла суолларгын саҥалыы көрөр түгэннэриҥ баар буолаллар. Софрон Данилов
  • Харах уута арыт үөрүүнү кытта эмиэ аргыстаһар.
  • Ытыыр киһини “уйан киһи” дииллэр. Суох, сымыйа, харах уута үксүгэр, хатан санаа ыраас сүрэҕи саҕан таһаарар тыыннаах уота буолар. Харах уута – уот! Төлөннүү салыыр ээ, дууһаны ыраастытар, көхсүн дьэгдьитэр. Хомолтоттон, үөрүүттэн ытаабат сүрэх диэн – умайбат сытыньаҥ, ыалдьыбат искэн буоллаҕа дии. Амма Аччыгыйа
  • Киһи өһүөннээх хараҕыттан куһаҕан бу аан дойдуга туох да суох… Иван Гоголев

Харах туһунан уус-уран айымньыларга[уларыт]

  •  

Хаамтаҕына намылхай
Хара долгун суһуохтаах,
Халлаан курдук арылхай
Хара ыраас харахтаах.

  Леонид Попов тылларыгар Алексей Попов мелодиятыгар киэҥник биллэ сылдьыбыт "Ханна көрдүм этэй мин?" ырыаттан