Иһинээҕитигэр көс

Суорун Омоллоон

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Суорун Омоллоон (Дмитрий Кононович Сивцев, 14.09.1906—25.06.2005) - Тааттаттан төрүттээх саха норуодунай суруйааччыта.

Суорун Омоллоон бэргэн этиилэрэ

[уларыт]
  •  

Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ.

  •  

айымньыны уһун үйэлээх, чэбдик туруктаах гына айан таһаарар син биир оҕону төрөтөр кэриэтэ күчүмэҕэй быһыылаах.

  • Хаһан даҕаны ким да суох диэмэ, күн эрэ уота баар диэ.

Бэйэтэ эмтиэкэ

[уларыт]
  •  

Макаар – балаҕан баһылыга, алаас ытык иччитэ, арҕахтаах эһэ бэйэтэ тахсан сылдьарын курдук оҕонньор.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Кырдьыга, атаҕын тэҥниэх киһини сарсыҥҥытыгар луохтуур кэлэн өрүһүйдэ.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Оо, өлүү эбит доҕоор! Ону мин хайа киһини дьөлө хастылар диэн кыыһыра олорбутум ээ.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Дьоллооҕуҥ кыранан толунна – барбатах бу түүнү быһа дьаам эрэ сүүрдэн таҕыста.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Макаар: "Хайа үөдэҥҥэ дьөлө түспүт киһини хаһыытыыллар, баар киһиэхэ биэрбэттэр", – диэн кыыһыра олордо.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Мин бэйэм эмтиэкэбин!

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Аата, кинини бодьуустаһан. Тиийэр буоллаҕына сотору тиийдин.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Киэһэ, үлэлээн баран, дьэ, эбии ахтан-бохтон киирдэ: "Төрүт туһалаабыта биллибэт".

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Эмп, үөрбүт-көппүт курдук, кылдьыгыраата, кыһыл арыгы курдук, кылбаҥнаата, сыта дьар гына саба биэрдэ.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.
  •  

Биэрэллэрэ кырата бэрт, саатар ньуосканан буоллар, оҕону албыннаабыкка дылы, таммаҕынан буола-буола.

  — "Бэйэтэ эмтиэкэ". 1935.



Атын айымньылартан

[уларыт]
  •  

Талаан норуоттан үөскүүр

  — "Слава талантам из народа". 1965.


  •  

Ийэ итии таптала,
Эдьий нарын сүрэҕэ
Эйиэхэ баар эбээт,
Ийэ дойду биһиэнэ!

  — "Ийэ дойду" ораторияттан. 1965.