Икки
Тас көрүҥэ
Икки - 2 ахсаан.
Өс хоһоонноро
[уларыт]- Дьол икки хараҕа суох
- Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабат
- Икки ойуун иирсээнэ суох олорбот
Сомоҕо домохтор
[уларыт]- Икки ардыларыгар (ардыларынан) уу тохтубат (тэстибэт) (Улахан доҕордуулар)
- Икки атах (атахтаах) (иннинэн сирэйдээх; босхо бастаах; бороҥ урааҥхай) (Киһи аймах)
- Икки илиилээх (уус) (Киһини кимиттэн көрөн, биитэр үчүгэй, биитэр куһаҕан гына оҥорор үгэстээх ууһу этэллэр)
- Икки илиитинэн (Үөрүүнү кытта ылар)
- Икки саар (саары) ыккардынан (Саарбах соҕустук, иһэ-таһа иэмэ-дьаама биллибэт курдук; саараан)
- Икки сирэй буолар (антах-бэттэх сирэй буолар) (Икки өстөөх дьоҥҥо иккиэннэригэр бэрт буолар)
- Иккиһин (иккистээн) төрөөбүт саҕа (курдук) санаа (Өлөр суолтан быыһаммыт биитэр улаханнык үөрбүт киһи этэр)
- Икки тараҕай быттаспытыгар дылы (Икки туга да суох киһи бэйэ-бэйэлэриттэн көрдөспүттэрин (умналаспыттарын) этэллэр)
- Иккитинэн истибэт (Истиэн да баҕарбат, буолуммат)
- Иккиттэн биирбит буолуо (Икки утарсыылаах киһиттэн хайаан да биирбит хотуо, кыайыа диэн этии)
- Иккиттэн биирин... (Саараҥнаабакка, икки өрүттээх суолтан биири оҥоруу)
- Иккитэ эрбэҕин эргитиэ, үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө (Албынныа)
- Икки хараҕа тэстэринэн (Наһаа түргэнник)
- Икки харахпар көстүмэ (Киэр бар (буол), көрүөхпүн баҕарбаппын)