Иһинээҕитигэр көс

Сэрэбиэй

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэрэбиэй - 1. Туох эрэ биллибэти, киһиэхэ туох эмэ төһө табыллыаҕын хаартынан таайан көрүү; 2. Билгэлээһин, таайан көрүү (уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр); 3. Кимиэхэ туох тиксэрин көрбөккө бүтэйдии быһаарсыы.

  • Окко түспүт оҥоһуум, сиргэ түспүт сэрэбиэйим (өс хоһооно).

Сэрэбиэй туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]

- Дьэ, тойон убайым, хаарты үөйбэтэҕи-ахтыбатаҕы сэһэргиир... Эн уолуҥ умайан өлбөтөх, дьүһүн кубулуйбут!..
- Ол дьүһүн кубулуйан хайдах буолбут?..
- Хаарты үксүгэр сирэйинэн малтаччы этээччитэ суох, таайтаран кэпсиир идэлээх. Онон бэйэҥ сүрэххинэн сэрэй, өйгүнэн тойонноо... Көрбөккүн дуо, уолуҥ аттыгар өлүү суола төрүт суох, хата ол оннугар тыл-өс бөҕө кутааланар... Дьэ дьикти... Дьиибэлээх харахтаах, өйдөөх төгүрүк эдэр дьахтар уолуҥ тула сүүрэр-көтөр буоллаҕа... Эн уолуҥ суола бэрт чугас дыргыллан сытар. Огдооччуйа эмээхсиҥҥэ дугуйдаммыта чахчы диэтэҕим дуу... Алдьаххай тахсыан баҕарбат буоллаххына, эн киниэхэ бара сылдьарыҥ, киниэхэ туох эмэ буомчуну оҥороруҥ, ойууннатарыҥ-хайыырыҥ төрүт сатаныа суох... Сотору уолуҥ бэйэтэ да ыраах айанныыһы... Барар суола бу харааран сытар... Тус соҕуруу диэки субуллумахтаат, күөх күдэриккэ сүтэн хаалыа... Кэлбит суолун хайан көрдүм да көрбөтүм... Сотору уолгуттан илдьит кэлииһи... Кини тылын толордоххуна киһи буоларыҥ буолуо... Миэхэ кыыһырыма, хаарты итинник диир...
Иван Гоголев. Хара кыталык.Дьокуускай: Бичик, 2008. С.227 }}

Күкүр Уус: - Дьуур буолуо уонна ким үһү.
Куочай: - Оттон биир сырдык санаалаах тойон киһи эйиэхэ үтүөнү саныыр эбит. Ол дьон иккиэн эн оҕоҥ диэки харахтарын уота хатанар эбит, ол гынан баран эн кыһаҥ уотуттан дьулайан киирбэт эбиттэр. Хара күлүктээх уолан киһи улахан куһаҕан дьайыҥнаах киһи буолсу. Ол да гыннар оҕоҕун хара албынынан, түөкүнүнэн мүччү харбата сыһыыһы...
Күкүр Уус: - Бу ыккын көр...
Куочай: - Ону эргийбэт гына дьарыйыыһыгын, оччоҕо хара тыына түһүө суох. Оттон оҕоҥ буоллаҕына, тойон киһини кытта холбоһон, үчүгэйдик, үп-ас, уйгу-быйаҥ, үрдүгэр олорууһугут. Дьэ, итигирдик диир хаатты эбэ.
Суорун Омоллоон. Күкүр Уус.