Билгэ
Тас көрүҥэ
Күн-дьыл билгэтэ
[уларыт]Өҥ сайын буоларыгар
[уларыт]- Күһүн сүөһү үөрдээн сылдьар.
- Күһүн от-мас сэбирдэҕэ умса туһэр.
- Тиит көтөҕөтө эрдэ түһэр.
- Тохсунньуга тоҥсоҕой маһы торулатар.
- Кэҕэ Ньукуолун иннинэ этэр.
Кураан сайын буоларыгар
[уларыт]- Күһүн сэбирдэх тиэрэ түһэр.
- Күһүн үрэх тарыҥа үллэр.
- Күһүн хаһыҥ хойукка дылы түспэт.
- Саас этиҥ илинтэн этэр.
Күһүн уһууругар
[уларыт]- Балаҕан ыйыгар этиҥ этэр.
- Тэллэй хойутаан тахсар.
- Кус оҕотун иккистээн ууга киллэрэр.
Оҕо биттэниниитэ
[уларыт]- Оҕо айаҕын былдьыгынатан сил таһаарара, силигэр чачайара- кэһии, ас кэлэригэр, тотуу битэ.
- Оҕо сааҕа илиигэ, таҥаска биһиллэрэ - үчүгэй бит.
Уотунан билгэлээһин
[уларыт]- Оһоххо умайа турар мастан чох кыырайан түстэҕинэ - ыраахтан ыалдьыт кэлэр.
- Уот ыстанан кэлэн көтөхтөрөрө - кэһиилээх эбэтэр бултаах-астаах киһи кэлэригэр.
Аһылыгынан билгэлээһин
[уларыт]- Саламаат өрө тэбэн оргуйара - дьол-соргу билгэтэ.
- Туус тохторо - иирсиигэ.
Таҥаһынан билгэлээһин
[уларыт]- Киһи сонун кэннэ тиэриллэрэ - үөрэригэр.
- Атах таҥаһа хаамарга этэрбэс баһыгар сыҕаллара - дьоллонорго, оттон тилэҕэр сыҕаллара - эрэйи көрсөргө.
Көтөрүнэн билгэлээһин
[уларыт]- Суор, элиэ сүөһү турар сириттэн арахпакка элиэтиирэ - сүөһү дьаҥын билгэтэ.
- Куруппааскы дьаҥ турарыгар үксүүр.
Дьиэ кыылынан билгэлээһин
[уларыт]- Ыт кыбыылаах окко сытан ииктиирэ-саахтыыра сүөһү этэҥҥэ сыл тахсарыгар.
- Ыт таҥаска ииктиирэ - байарга.
- Ыт киһи иннигэр тахсан киирэрэ- ночоокко.
Үөнүнэн-көйүүрүнэн билгэлээһин
[уларыт]- Кымырдаҕас уйа туттар сирэ - дьоллоох аатырар.
- Ооҕуй дьиэ иһигэр ситим тардара - үчүгэйгэ.
- Сахсырҕа үрүҥ аска ыһара - куһаҕаҥҥа.