Иһинээҕитигэр көс

Эмээхсин

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Эмээхсин - сааһырбыт, төрүүр кыаҕыттан ааспыт кырдьаҕас дьахтар.

Уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

Хата оҕонньорунааҕар эмээхсинэ ордук көрүҥнээх эбит: ханайбыт, хантайбыт быһыылаах, күскэм курдук эттээх, кэтит сирэйдээх, араҕас хааннаах, саһархайдыҥы харахтаах, аҕамсыйан эрэр дьахтар эбит.

  — П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Дьэбэрэттэн тахсыы. С.159
  •  

Ама кини (Ааныска эмээхсин) сааһа элбээн, ааһан-туоран, симэһинэ баранан, хаана аҕыйаан, этэ-тириитэ өрт уота сиэбит куруҥ маһын курдук кубарыйа хаппытын иһин, хайа, тыыннаах киһи сүрэҕэ тэппэт буолуо дуу? Төһө да кырыйдар, сүрэҕэ тэбэр, санаата оонньуур...

  — П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Сүрэх. С.149
  •  

Эмээхсин тоспун ыллым ээ диэххэ айылаах, ньим баран хаалла. Оргууй илиитин төлөрүтэн, аҕылыы-аҕылыы, харбыйан хаалбыт түөһүн имэриммэхтии сытта.

  — В.Яковлев, Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит.
  •  

Кисиэнньэ биэс уонун саҥа ааһан эрэр "эмээхсин". Дьиҥэр кини бу дойдуну булуор диэри эмээхсиммин дии санаммат этэ, эмээхсин диэбэт да этилэр: дьоно-сэргэтэ Мутукча диэн ыҥыраллара. Арай манна "эмээхсин" диэн ыҥыран соһутан өлөрө сыстылар. "Номнуо эмээхсин буолбут эбиппин дуу?" - дии санаабыта. Кырдьык даҕаны, биэс уонун ааспыт, уончата оҕоломмут диэтэххэ, Кисиэнньэ эмээхсин көрүҥэ суох: сааһыттан быдан эдэр көрүҥнээх, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, хаамыталаан үлэлии-хамныы сылдьарынан да оннук.

  Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.3