Иһинээҕитигэр көс

Айан

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Айан туһунан.

Манна сыыһыаннаах сомоҕо домохтор

[уларыт]
  • Кынатын куурдубут - айанныырга бэлэм туһунан этиллэр.

Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро

[уларыт]
  • Суол сурахтаах, аартык ааттаах.
  • Тимир иҥэһэлээхтэр тиэстибиттэр, алтан иҥэһэлээхтэр айгыстыбыттар.
  • Тилэхтээх тиэстибит, атахтаах айгыстыбыт.
  • Суол сылаалаах, көс эрэйдээх.
  • Сылдьар да сылаалаах.
  • Сылдьар да сыа буолбат.
  • Айанныыргар аһы, бараргар маһы бараама.
  • Уларыйыам диэн уугун бараама, барыам диэн маскын бараама.
  • Айан аргыһы таптыыр.
  • Айан киһитэ аргыһы таптыыр.
  • Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.
  • Көрдөөх аргыс суолу кылгатар.
  • Суол киһитэ дьүккүөрдээх.
  • Суол киһитэ тутулуктаах, айан киһитэ тардылыктаах.
  • Айан киһитэ аас, суол киһитэ тутуах, сырыы киһитэ сылаамсах.
  • Сылайбыт акка үүнэ да таһаҕас.
  • Барары тардыма, кэлэри бүөлээмэ.
  • Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.

Айан, айан туһунан

[уларыт]
  •  

Айан киһитэ дьиэ сылааһын,
Айан ата аһыыр сирин
Талаһар куолута.
-Мачайар Баһылай. Саха народнай тойуктара. — Якутскай, 1983, С.33