Иһинээҕитигэр көс

Дьахтар

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьахтарга сыһыаннаах сомоҕо домохтор

[уларыт]

Сырыы дьахтар - сэлээччэх дьахтар

Дьахтар туһунан улуулар этиилэрэ

[уларыт]
  • Эр киһи ыра санаата - дьахтары дьахтар баайынан иитии.

"Эр дьоҥҥо эрэ анаан" Малдалена Самозванец

  • Мин инникилээх эри уонна уруккулаах дьахтары сөбүлүүбүн.

Оскар Уайльд "Дориан Грей хартыыната"

  • Дьахтар дьаабылыка да эриэн үөн да.

Генрих Гейне "Лютеция"

  • Дьахтар былааһы тутар, ол эрэн салайбат.

Дельфина Жирарден "Париж суруктара"

  • Дьахтар мал-сал кээмэйэ.

Аркадий Давидович "Аан дойдуга олох бүтүүтэ үчүгэйдик түмүктэниэ"

  • Дьахтар сүүстэ да сыыстын, сибэккинэн да саайыа суохтааххын.
  • Дьахтар өтө көрүүтэ эр киһи бэйэтэ билбэт санаатын таайарыгар анаммыт.

Французтуу тойоннооһун (Ж.Делакур Французтуу сытыы өй барыта

  • Эр киһи сыала төһө биллэриттэн дьахтар өтө көрүүтэ сыыһата суох буолар.

Джордж Джин Нейтан "Тыйаатыр, драма, дьахтар"

  • Дьахтар өйүн киһи кыайан тобулбат.

Э.Исар. "20000 сытыы бэлиэтээһин кылаата"

  • "Дьахтар өйө" диэн суох, мэйии - ууһатар уорган буолбатах.

Шарлотта Перкинс Гилжан "Дьахтар уонна экэниэмикэ"

  • Дьахталлар уонна эр дьон уратылара бэйэ бэйэлэрин икки ардыларыгар буолбакка бэйэлэрин истэригэр көстөр.
  • Дьахтар хараҕын уута кэпсэтиини атыннык салҕааһын.

"Сөп түбэһии" Марчелло Мастроянни

  • Дьахтар бэйэтэ бааһырдыбатаҕын куруутун аһынар.

Жан Ануй "Бито барахсан"

  • Дьахтар илин былдьаһааччытын тэһэ анньаары бугул быыһыттан иннэ да булуо.

Юзеф Булатович "Мунаарабын, ол аата тыыннаахпын"

  • "Уодаһыннаах" тыл "тыйыс" диэн тыл дьахтарга саамай минньигэс.

Пьер Шодерло де Лакло "Кутталлаах сибээс"

  • Дьахтар эр киһиэхэ тугу да этэрэ суох буоллаҕына, ону кылгастык этиэхтээх.

Янина Ипохарская "Улуу, ортоку, кыра киһи уонна Фафика ыт санаата"

  • Дьахтар сороҕор чуумпурар, ол эрээри тугу да этэрэ суох буоллаҕына эрэ буолбатах.

Поль Судэ (М.Малу "Күлүүлээх тылдьыт")

  • Дьахтар дьон тугу саҥарарын буолбакка, тугу сибигинэһэрин интэриэһиргиир.

Изабелла Альенде "Афродита"

  • Дьахтар көрдүннэр диэн, кимниин баҕарар киэмсийиэн сөп.

Оскар Уайльд "Дориан Грей хартыыната"

  • Дьахтары салайарга икки ньыма баар, ол эрээри ону ким да билбэт.

Американскай тойоннооһун

  • Дьахтар сыыһа этэрин дакаастыахха сөп, ол эрээри ону киниэхэ сатаан өйдөппөккүн.

Джон Чертон Коллинз (Л.Смит "Аангылыйа афоризмнарын антологията")

    • Эдэр дьахтары тыһыынчанан куттал күүтэр, олортон сороҕо эрэ дуоһутар.

Янина Ипохарская "Улуу, ортоку, кыра киһи уонна Фафика ыт санаата"

  • Үөрүйэҕэ суох кыыстан элбэххэ үөрэниэххэ сөп.

Джакомо Казанова "Олоҕум устуоруйатa"

Эбии көр

[уларыт]