Өй

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Өй

Манна сыһыаннаах сомоҕо домохтор[уларыт]

  • Өй аҥаардаах
  • Өйбөр киирбэт
  • Өй булан (булунан)
  • Өйбүттэн көтөн хаалла
  • Өй былдьас
  • Өй бэрт - үгэргээн этии
  • Өйгө да суох
  • Өйгөр (төбөҕөр) иҥиннэр
  • Өйгөр тут
  • Өйгөр түһэр
  • Өйгөр хатаа
  • Өйгүн бул
  • Өйгүн-төйгүн бул (булун)
  • Өйгүн тутӨйгүн Үөйдөөх санааҕын) тута сыт
  • Өйдөөх хааҥҥын киллэрэн
  • Өй киирдэ
  • Өй киллэрдэ
  • Өй көтөн туста
  • Өй-мэй буол
  • Өй мэйдээх тулуйбат
  • Өйө баайыллар (бааллар)
  • Өйө барбат
  • Өйө көттө
  • Өйө кылгаан биэрдэ
  • Өйө мастыйбыт
  • Өйө өйүнэн
  • Өйө өһүллүбүт
  • Өйө-санаата алдьанна
  • Өйө-санаата иирбит
  • Өйө суох буолбут
  • Өйө сынньылынна
  • Өйө сытыйбыт
  • Өйө тобуллар
  • Өйө туймаарда
  • Өйө (мэйиитэ, төбөтө) хамсаабыт
  • Өйө хоппот
  • Өй-санаа өттүнэн сытыйбыт
  • Өй-төй буол
  • Өй-төй өйдүүр - [[Кэннибиттэн кэлэн оройго охсубуттара. Ол кэнниттэн туох буолбутун өй-төй өйдүүбүн.]]
  • Өй уган биэр
  • Өйүгэр баппат
  • Өйүгэр (да) оҕустарбат
  • Өйүгэр көтөн түстэ
  • Өйүгэр түһэр
  • Өйүкү-төйүкү буолла
  • Өйүм сыстыбат
  • Өйүн баай

Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро[уларыт]

  • Биир өй үчүгэй, икки өссө үчүгэй
  • Күүс өйгө бэринэр
  • Бэйэҥ өйгөр эрэн, атынныын сүбэлэс
  • Дьону иһит, ол гынан баран бэйэҥ өйдөөх буол
  • Өйдөөх киһи сүүс төбөнү аһатыа, акаары – бэйэтин да аһатыа суоҕа
  • Атын киһи өйүнэн аатырыаҥ суоҕа
  • Төбөлөөх эрэ барыта өйдөөх буолбат
  • Өйү харчыга атыылаһан ылбаккын
  • Өй күүһү биэрэр, күүс эр санааны аныыр
  • Күүскүнэн ылыма, өйгүнэн ыл
  • Күүскэр эрэнимэ, өйгөр эрэн
  • Көтөр кынатынан, киһи өйүнэн күүстээх
  • Үөрэх – ыалдьыт, өй - хаһаайын
  • Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы саныыр
  • Өйдөөх өлөртөн өйүнэн куотар

Өй туһунан этиилэр[уларыт]

  •  

Өйдөөхтөр уһуннук олороллор

  Наталья Бехтерева, нейрофизиолог