Иһинээҕитигэр көс

Дьахтар уонна эр киһи

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Манна дьахтарга уонна эр киһиэхэ, кинилэр сыһыаннарыгар аналлаах этиилэр киирэллэр.

Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро

[уларыт]
Ойуунускай
Суолтата: Хара дьүһүннээх дьахтары маҥан сирэйдээххэ (аҥаардас маҥан сирэйдээҕин эрэ иһин) ордорбуттарын көмүскээн этэргэ
  • Ыт көрбүт эрэ чөҥөчөгөр ииктииригэр дылы.
Суолтата: Дьахтарга барытыгар саантыыр киһи, ловелас
  • Үүттээх таас өлүүтүттэн маппат.
Суолтата: Ханнык баҕар кыыс сирдээҕи дьолун булуоҕун, кэргэн тахсыаҕын туһунан.
А.Е. Кулаковскай - Саха өһүн хоһооно, 1925 сыл.

Манна сыһыаннаах айымньылартан быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

...дьахтарга баар бары эрэй илбиһэ, үөскэтэр-төрөтөр күүһэ... Эр киһи диэн - көмөлтө эрэ күүс.

  Иирбит Ньукуус, Былатыан Ойуунускай, 1923
  •  

 Дьахтар күүһэ таҥараны кыайбыта...

  Иирбит Ньукуус, Былатыан Ойуунускай, 1923
  •  

Дьахтар аймах, эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох, санаатын туттарбыт киһитин ис санаатын билээри гыннаҕына, кыынньыыр, өһүргэтэр үгэстээх. Ол син уоту саҕар кэриэтэ буолар. Саҥа сыккыстаан эрэр уот күөртүүр салгынтан эбэтэр умуллар, эбэтэр күөдьүйэр.

  — Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай, Бичик: 2004. С.20
  •  

Киһи үксэ кистэлэҥ олохтоох. Оттон өскөтүн ол кистэлэҥ олох кэргэннээх дьахтар атын киһиэхэ таптала буоллаҕына, дьахтардаах эр киһи өйдөрө-санаалара, албастара бу кинилэр кистэлэҥ олохторо икки атахтаахха биллибэтин-иһиллибэтин туһугар туһаайыллар. Уонна бу охсуһуу дьылҕата бүүс-бүтүннүү былыр-былыргыттан дьахтар кыаҕар, кини илиитигэр бэриллэр. Эр киһи күүһэ - быччыҥар, дьахтар күүһэ - кини албаһыгар, сатабылыгар! Кэргэнин иннигэр куттала, дьон иннигэр саата-суута, таптыыр киһитигэр ахтылҕана - бу барыта холбоһон дьахтары таба туттарбат салыҥнаах балыкка, албын саһылга кубулутар.

  — Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай, Бичик: 2004. С.34

Хоһооннорон быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

 Хоойго сытар доҕорбун
Булбаккабын эрэтин,
Уохтаах таптал имэҥин
Билбэккэбин даҕаны -
Олох олорон бүтэрим
Сүрэ бэркэ дылы дии...

  Сэмэн Маайыһап, Туоххаһыйыы // Үрүҥ өҥ : хоһооннор, Дь., Бичик, 2009. - 32. С.5