Орон
Тас көрүҥэ
Орон - утуйар сир уопсай аата: сыҥаһа орон, кырабаат, тапчаан о.д.а.
Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо
[уларыт]- Титирик орон эрэйдээх (сулумах киһиэхэ сыһыаннаан).
- Кураанах орон хобдох.
- Холостуой киһи оронуттан уордайар, тэллэҕиттэн тэбиэһирэр.
- Орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ.
- Орон-тэллэх киһитэ буолла.
- Орон ото буол.
Орон туһунан уус-уран айымньыга
[уларыт]Мачайар Баһылай ол-бу ороннору көрүтэлээтэ: бастыҥ ороҥҥо - бүтэй хара эһэ тириитин олбох уурбуттар, оттоку ороҥҥо - кырыарбалаах хара эһэ тириитин олбох уурбуттар, атах ороҥҥо - кугас эһэ тириитин уурбуттар. | |
— Саха народнай тойуктара.Мачайар Баһылай. Якутскай, 1983, С.75 |
Ити кэннигэр, эмиэ биэс-алта хонукка орон ото буолан баран, эмиэ тайаҕынан туран, дьиэ иһигэр хаамар буоллум. | |
— Багдарыын Сүлбэ |