Иһинээҕитигэр көс

Хаар

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Хаар - кыһынын маҥан кыырпаҕынан түһэр кырыатыҥы сөҥүү, ол сөҥүү сири бүрүйбүтэ.

Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо

[уларыт]
  • Хаарга хаамта, сииккэ сиэллэ.
  • Хаар баттаан.
  • Хаарга үктэммитэ эрэ кырдьык.
  • Хаар курдук хаамар.
  • Хаары-буору бааһырдан.
  • Хаары ытыһан хаалбыт.
  • Чөҥөчөгүн хаардаабыт.
  • Хаардыы хаамп.
  • Уу диэбитэ хаар, хаар диэбитэ уу.

Хоһооннортон быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

Кырыбынньык кырпа хаар
Кылабачыйа тоҕунна,
Кырымахтаах кыраһа
Кырынаастыы тэлгэннэ...

  Ангелина Васильева, Бэлэх // Оһуордаах хоһоон : хоһооннор, Дь., Бичик, 2009. - 32. С.8
  •  

 Сындааһыннааҕы сыыйбыт
Сыа хаар баҕадьы
Сылбыйатыйан барда,
Күүстээҕи күлкэдиппит
Көмүрүө хаар күтүр
Көлбөрүйэн барда,
Сотолооҕу солбонуппут
Солуо хаар обургу
Солбонуйан барда..

  А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Сайын кэлиитэ.- Якутскай, 1978, С. 225