Иһинээҕитигэр көс

Иирбит Ньукуус

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Иирбит Ньукуус - Былатыан Ойуунускай "Иирбит Ньукуус" кэпсээнин дьоруойа, бөлүһүөк.

  • Мин ытыам-ынчыктыам дуу? Үөрүөм-күлүөм дуу? Ытаатахпына-ынычыктаатахпына, ыалдьыбыт диэхтэрэ, күллэхпинэ-үөрдэхпинэ, иирбит диэхтэрэ.
  • Ама даҕаны дьадаҥым иһин, ама даҕаны нэк соннооҕум иһин, ама даҕаны хараҥаҕа үөскээммин-төрүөммүн ньылбараҥ харахтааҕым иһин, барыны бары тобулу көрөн олоробун.
  • Үөрэхтээҕим эбитэ буоллар, сулуһунан, суругунан суолланыам этэ, ол үөрэммэтэх аньыыбар хаартынан харахтанным.
  • Таҥара баар дииллэр, таҥара баара буоллар, барыбытын ааспат-туорбат гына айыа этэ, өлөрсүбэт-өстөспөт гына өйдүө этэ...
  • Үүт испит киһи өйө-санаата элбиэ этэ, бука...
  • ...дьахтарга баар бары эрэй илбиһэ, үөскэтэр-төрөтөр күүһэ...
  • Дьахтар күүһэ таҥараны кыайбыта...
  • Кыайтарбыт таҥара - таҥара буолбатах.
  • Икки атахтаах өйө-санаата идэни үөскэтэр, көстүбэти көрөр, көстүбэт күүһүн алдьатар...
  • Көстүбэттэр көстүөхтэрэ, күлүктэр сүтүөхтэрэ. Ону - эрэнэбин...
  • Мин, быһыыта, улахан санааларбын кыайан этимээри гынным, туой кыра санааларым, чэпчэки буоланнар, урут тахса тураллар.