Иһинээҕитигэр көс

Санаа

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Өс хоһоонугар

[уларыт]
  • Санаа сүрэҕи сиир, дьэбин тимири сиир.

Уус-уран айымньылартан санаа туһунан быһа тардыылар

[уларыт]

Санаа

[уларыт]
  •  

Санньы курус санааларбынан сыыйа байан эрэбин.
Санньы курус санааларбынан сырдьыгыныы умайабын.
Умайдыннар, умайдыннар муунтуйбут санааларым
Халлаан астыбытыныы көхсүм аһыллан дьайҕарыа.
Умайдыннар, умайдыннар омуннаахтык өрүтэ салаан
Киэмсийии, киһиргэнии күөх төлөнүн күл-көмөр оҥоро,
Дьоһун санаа иэйиитинэн түөспүн киэптии толоро.

  Сиэн Кынат, "Уматар чуумпу". 2011. C.8.

Алгыстар

[уларыт]
  •  

Оҕуруктаах санаа орооспотун,
Уорба толкуй киирбэтин,
Кэп тыл хоммотун,
Хом санаа холбоспотун,
Килбиэннээх кэскилгитигэр
Кир-хох сыстыбатын.

  Аныгы ыччакка алгыс (Кыыл Уола), "Кэскил хаһыат" 2020 с. бэс ыйын 30 к. нүөмэриттэн, 7 сир. ылылынна