Иһинээҕитигэр көс

Былатыан Ойуунускай

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

{{Q||Платон Алексеевич Ойуунускай - саха суруйааччыта, учуонайа, бэлиитикэ диэйэтэлэ.

Айымньыларыттан

[уларыт]

Уус-уран айымньыларыттан

[уларыт]
  •  

"Үс саха төрүөҕэр, Үөрүүлээх күнүгэр. Мин ырыам ылланыа, Мин аатым ааттаныа".

  •  

Аар-дьаалы! Алаатыгар эминэ-туомуй!

  Дьулуруйар Ньургун Боотур (Олоҥхо), Ойуунускай, 1932
  •  

Сыалдьыйа бүтэй
Сырдаахтаан көстөр
Сыаналаах сылаас этигэр
Сытан сыламныам этэ диэммин,
Көһүтэригэр
Көхсө кыараабыта буолуо диэммин,
Кэтэһэригэр
Кэтэҕэ көһүйбүтэ буолуо диэммин,
Кэбэлийэн-кэбэлийэн
Кэллим эбээт...

  — Дьулуруйар Ньургун Боотур (Олоҥхо), Ойуунускай, 1932
  •  

Мин ытыам-ынчыктыам дуу? Үөрүөм-күлүөм дуу? Ытаатахпына-ынычыктаатахпына, ыалдьыбыт диэхтэрэ, күллэхпинэ-үөрдэхпинэ, иирбит диэхтэрэ

  Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Ама даҕаны дьадаҥым иһин, ама даҕаны нэк соннооҕум иһин, ама даҕаны хараҥаҕа үөскэммин-төрүөммүн ньылбараҥ харахтааҕым иһин, барыны бары тобулу көрөн олоробун.

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Үөрэхтээҕим эбитэ буоллар, сулуһунан, суругунан суолланыам этэ, ол үөрэммэтэх аньыыбар хаартынан харахтанным.

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Таҥара баар дииллэр, таҥара баара буоллар, барыбытын ааспат-туорбат гына айыа этэ, өлөрсүбэт-өстөспөт гына өйдүө этэ...

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  
  • Үүт испит киһи өйө-санаата элбиэ этэ, бука...
  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

...дьахтарга баар бары эрэй илбиһэ, үөскэтэр-төрөтөр күүһэ...

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

 Дьахтар күүһэ таҥараны кыайбыта...

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

 Кыайтарбыт таҥара - таҥара буолбатах.

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Икки атахтаах өйө-санаата идэни үөскэтэр, көстүбэти көрөр, көстүбэт күүһүн алдьатар.

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Көстүбэттэр көстүөхтэрэ, күлүктэр сүтүөхтэрэ. Ону - эрэнэбин...

  — Иирбит Ньукуус, 1923
  •  

Мин, быһыыта, улахан санааларбын кыайан этимээри гынным, туой кыра санааларым, чэпчэки буоланнар, урут тахса тураллар.

  — Иирбит Ньукуус, 1923


  •  

Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн эрэнэбин.

  Кыһыл Ойуун. Ааҕааччыларга.1925
  •  

Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн -үүнэн тахсарыгар, ханна даҕаны, кирилиэһинэн маҥнайгы үктэлэ буолара- норуот ырыата, норуот олоҥхото. Саха олоҥхото киэҥ, дириҥ, тыла уус.

  Литература үспүкүлээннэрэ. 1930


  •  

Хайа баҕарар норуокка кини туох баар үтүөтүн, үчүгэйин, кэрэтин – өркөн өйүн,самныбат санаатын, чаҕылхай талаанын , сырдык ырыатын, холобура суох хорсунун, модун волятын иҥэрэммит уһулуччалаах дьон баар буолаллар. Оннук дьон үгэс курдук уопсастыбыта сайдыытын ураты бэлиэ кэмнэригэр норуот күүһэ муҥутаан тыынар мүччүргэннээх күннэригэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гынан ааһааччылар.

  Төрөөбүт литераратуура


  •  

Миигин үрүҥнэр уматыах буоллулар. Былыр, арай боруруоктары уматар сурахтаахтара. Онон, сыаналаан көрдөхпүнэ, мин боруруок эбиппин. Боруруок буолбут күнүм, сырдык күнүм буолар: онон орто дойду дьоно мин этэр уоттаах ураҕас тылбын истиэх тустаахтар.

  Иирбит Ньукуус, П.Ойуунускай. Саха издательствота, 1975, 8 сир.


  •  

Сатаан суруйбат,сатаан аахпат киһи аны биэс уон сылынан баар буолуор сатаммат. Хайа далай акаары, хайа кыйам мэмээл аны биэс уон сылынан аахпат,суруйбат буолуоҕай?!

  •  

Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн-үүнэн тахсарыгар, ханна даҕаны, кирилиэһинэн маҥнайгы үктэлэ буолара- норуот ырыата, норуот олоҥхото.

  Иирбит Ньукуус, П. Ойуунускай. 1975. Саха издательствота. 22 сир.
  •  

2013 сылтан 2017 сылга Дьокуускай куорат киэбэ киэлитэ тупсуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйыаҕа. Тимир бетон дьиэлэр дьэргэһиэхтэрэ, курустаал таас дыбарыастар күлүмнэһиэхтэрэ. Дьэҥкир таас уулуссаланан килбэһийиэҕэ, араас мастар -оттор үүнүөхтэрэ.

  Сүүс сыллаах улуу былаан, П. Ойуунускай. 1975. Саха издательствота. 25 сир.

Публицистикатыттан

[уларыт]
  •  

Тыл айар муҥа, хомуһуннаах илбиһэ иҥмит киһитэ баар улахан дьарыкка ылларбыт, муҥҥа киирбит киһи... ол да эрээри тыл маастарын үөрэрэ үөрүүтэ муҥунааҕар элбэх, кинитээҕэр минньигэс.


Ойуунускай туһунан

[уларыт]
  • Ойуунускай нэһилиэстибэтэ – саха омугун күндүттэн күндү национальнай баайа-дуола. Ону үксэтии, хаҥатыы, үйэтитии бука барыбыт ытык гражданскай иэспит. Софрон Данилов
  • Үтүө аат – үйэлэр да тухары өлбөт-сүппэт күндү кылаат. Оннук үтүө аатынан биһиэхэ Ойуунускай аата буолар. Суорун Омоллоон
  • Платон Алексеевич дьиҥнээх интернационалист, бэйэтин норуотун дьылҕата нуучча норуотун, биһиги дойдубут бары норуоттарын дьылҕаларын кытта быстыспат биир сомоҕотун кичэйэн бэлиэтиирэ, күүһүн-күдэҕин норуоттар бырааттыы доҕордоһууларын туһугар аныыра. Авксентий Егорович Мординов
  • Платон Алексеевич Ойуунускай – чахчы да саха улуу киһитэ, ону ааһан, хайа да омукка дьиҥнээх Киһи дэнэр киһи: киһи анала туоххатын уонна хайдах ьуолуохтааҕын кини бэйэтин олоҕунан бүттүүнүнэн көрдөрбүтэ уонна айымньыларыгар ол туһунан суруйбута. Петр Тобуруокап
  • П.А. Ойуунускай литератураны эрэ буолбакка саха өйүн-санаатын тутулун уларыппыт, саҥаттан оҥорбут киһи буолар. Николай Лугинов
  • Хайа баҕарар киһи туһунан үгүстэр Бириэмэ кини туһатыгар үлэлээбитэ диир эбит буоллахтарына, мин этиэх этим – Платон Алексеевич Ойуунускай – Бириэмэ туһатыгар үлэлээбит, айбыт, чинчийбит, олохтообут-айбыт киһи этэ диэн. Сэмэн Тумат
  • П.А. Ойуунускай – төлөннөөх революционер, бөлүһүөк суруйааччы, поэт, талааннаах тылбаасчыт, бөдөҥ общественнай, государственнай, политическай деятель. Ойуунускай бэйэтин айымньыларынан саха тылын культуратын үрдэппит, тыл күүһүн улаатыннарбыт киһи. П.А. Ойуунускай – норуот уола, төрөөбүт норуотун төлкөтүн туһугар улахан олоҕун анаабыт улуу патриот саха. Ойуунускай олоҕо – аан холорук, революция уот будулҕаныгар сөрөммүт олох. Кини генийэ – норуот генийэ, кини бары сырдык ырата – норуот духуобунай баайа. Кини кэриэһэ: “Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин”. Василий Никитич Протодьяконов
  • …Ойуунускай… Кини дьону түмэр, өрө көтөҕөр күүрээннээх үлэтэ-хамнаһа саха республиката государственнай тутул бастакы акылаата охсуллан түһэрин хааччыйбыта. Петр Денисович Аввакумов
  • …П. Ойуунускай билиҥҥи кэм суруйааччыта. Кини өлбөт-сүппэт үтүөкэннээх айымньылара, өркөн өйө – бу булкуурдаах олохпут оргуйар үөһүгэр бааллар, охсуһуу уонна олоҕу саҥардан тутуу кыайар-хотор сытыы кылааннаах үҥүүлэрэ-батастара буолаллар… Иван Григорьевич Спиридонов
  • П.А. Ойуунускай – биһиэхэ биир. Кини норуотун туһугар сырдык тыына быстыар диэри үлэлээн, айан, охсуһан барбыт норуот чулуу уола. Кини биһиэхэ, кэлэр көлүөнэлэргэ үйэлэргэ өлбөт үтүөлээх. Платон Алексеевич хаалларбыт нэһилиэстибэтэ билигин, бириэмэ өссө биир эриирдээх экзаменын ааста, эбии ырааһырда, өссө суолталанна. Дмитрий Васильевич Кустуров
  • "Сотору кэм иһинэн биһиги, суруйааччылар, үгүспүт кинини истиҥник ытыктаан, таптаан, адьас аҕа туттан барбыппыт. Литература, суруйар-айар идэ боппуруостарыгар Платон Алексеевич саныыр санаатын, этэр тылын, биэрэр сыанатын ыйааһыннаах ыйыы, сөптөөх сүбэ-ама курдук ааҕар, өйдүүр этибит. Кини бэйэтин дакылааттарыгар, этиилэригэр, ыстатыйаларыгар суруйааччылар чопчу айымньыларын сороҕор кириитикэлиир-хайҕыыр буолара. Ону утарбыт, онно сөп түбэһиспэтэх эбэтэр, билиҥҥи курдук, кыыһыран, өһүргэнэн үлтү түспүт киһи баарын өйдөөбөппүн... Барыта этэҥҥэ буолан, Платон Алексеевич салайбытын курдук салайа олорбута эбитэ буоллар, саха литературата билигин өссө үгүс ситиһиилээх, кыайыылаах буолуо этэ дии саныыбын".
  •  

  

  Күннүк Уурастыырап.Бары аҕа туттарбыт//Хатаппын саҕабын. -Дьокуускай: Кинигэ изд-та, 1979. С. 235
  • "Арыый аҕай уоттаах-күөстээх тыллары мин туттар эбит буоллахпына, ол имэҥэр мин киниттэн үөрэммитим".
  •  

  

  Суорун Омоллоон.Ойуунускай туһунан тыл//Хотугу сулус. - 1963. - №6
  • “... Аҥардас литературнай айымньы да өттүнэн П.А.Ойуунускайга чугасаһар киһи саха литературатыгар күн бүгүнүгэр диэри үүнэ-үөскүү илигэ биллэр. Оттон биһиги, кинини кытта литератураҕа бииргэ сылдьыспыт суруйааччылар ортобутугар кини — уонча иринньэх титириктэр үрдүлэринэн сабырыйа наскылдьыйбыт баай лабаалардаах баараҕай тииккэ маарынныыр этэ. ... Биһиги өссө үүнэн-сайдан истэхпит аайы, кини геройдуу олоҕун, кини кэрэ айымньытын өйдүүрбүт, ытыктыырбыт, таптыырбыт, онтон үөрэнэрбит-иитиллэрбит өссө ордук дириҥээн иһиэҕэ”.

Амма Аччыгыйа. П.А.Ойуунускай туһунан. 1963 с.