Иһинээҕитигэр көс

Лугинов Николай

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Николай Алексеевич Лугинов - саха народнай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун хос бэрэсэдээтэлэ, СӨ Духуобунас академиятын академига, П.А.Ойуунускай аатынан государственнай литературнай музей дириэктэрэ.

"Киһи барахсан кыраҕа да сөп буолар. Баара-суоҕа үтүө тылга, сылаас сыһыаҥҥа, кыра кэрэхсэбил сыыһыгар...";

Киһи барахсан наар көрүнньүгү өрө тутан, дьэргэлгэни итэҕэйэн олох олорор дуу диэххэ дылы”;

Олох араас да дьону кытта алтыһыннарар”;

Киһи олоҕо уһун уонна араас эгэлгэ дэгэттээх. Лена эбэ элбэх үөстээҕин курдук... Арай ол элбэхтэн атыттары баһыйар сүрүн үөстээх буолар”;

“Ханныгын да иһин, иллэҥ киһи эрэйи мээчик оҥостор”;

“Хайа да киһи олоҕун анаабыт суолун, талан ылбыт сүрүн дьарыгын куһаҕаннык этитиэн баҕарбат”;

“Дьиҥ ис хоһоон хаһан даҕаны малтаччы этиллибэт, кинини көрдөөн, иҥэн-тоҥон иһирдьэ киирэҥҥин эрэ булан таһаараҕын”;

“Киһи-аймах күүһүнэн өттөйөрүн тохтотон, аны наар өйүнэн-санаатынан сайдыахтаах!”;

“Киһи өйүн таһынан өссө дууһалаах буолуохтаах”;

“Бэйэтэ дьулуспат, иҥэн-тоҥон үөрэнэ, үүнэ сатаабат, ол эрэйин улахаҥҥа уурар киһи сайдыбат”;

“Хаһан баҕарар киһи бэйэтин миэстэтин билэрэ ордук. Онто суох бэрээдэк суох”;

“Таптаабытынан, талбытынан көҥүл олох – босхо киһи, чаҕар, кыра-хара, хаамаайы, кэриир киһи анала”;

“Анал ыйаах, киһи бэйэтэ ылынан дьулуспатаҕына, көнньүнэн туолан испэт ээ...”;

“Дьарык диэн ким баҕарар толорор суола. Оттон идэ – атын. Идэни аналлаах, этитиилээх, ураты дьоҕурдаах эрэ сатыыр”;

Дойду иитин түбэһиэх оҥорботтор. Бука, барыта ыараҥнатыллан, иннэ-кэннэ туга-ханныга хайыллан баран чэрчилэннэҕэ”;

“Туох барыта кытыылаах, эҥээрдээх, быыстаах, саҕаланар саҕалаах, бүтэр уһуктаах. Бары иэдээн онтон тахсар. Кырыы кэһиллиэ суохтаах”;

“Үчүгэй киһини кытары бииргэ сырыттахха сир-дойду үөйбэтэх өттүгүттэн тупсан-киэркэйэн кэлэр эбит”;

“Улахан сыалга дьулуһуу эрэ киһини сайыннарар. Улаханы оҥоро сатаатаххына эрэ улахан кыах арыллар”;

“Өйдөһөр чугас доҕору кытары үллэһиннэххэ туох барыта хос тыыннанан, хос суолталанан, дириҥээн, чарааһаан, сырдаан кэлэр эбит”;

Дьахтар киһи аналын да быһыытынан амарах, аһыныгас буолуохтаах. Оччоҕо эрэ дьиэ кэргэн олоҕо чиҥиир. Эр киһини ыган-түрүйэн төһө өр, төһө бэрт кэргэн гыныаҥый?”;

Киһи төрөөбүт дьиэлээх буолуохтаах”;

“Дьиҥнээх олох олоруу диэн – дьиэ-уот тэринии. Ол былыр да, быйыл да хайа баҕарар омукка оннук. Киһи тэлэһийэн баран, төннөр сирдээх буолуохтаах, дьиэлээх”.