Иһинээҕитигэр көс

Сэмэн Тумат

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэмэн Тумат (Семен Андреевич Попов) – саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Булуҥ уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина, СӨ Ил Түмэнин А.П.Илларионов аатынан премия лауреата, СӨ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.

Сэмэн Тумат бэргэн этиилэрэ

[уларыт]
  •  

Саха литературатын бөҕөргөтүү биир улахан суолталаах хайысхатынан Дьокуускайга литература Киинин – П.А.Ойуунускай аатынан музейы тэрийии буолбута.

  •  

Саха норуотун уус-уран литературатын төрүттэспит, кини атаҕар туруутугар көмөлөспүт сурунааллааххыт дуо диэн ыйыттахтарына, күөн туттуулаахтык “Чолбон” сурунаал баар диэх этим.

  •  

Мин санаабар, “Чолбон” сурунаал саха норуотун чулуу интеллигенциятын үтүөҕэ дьулуурун өйөөбүт уонна кини историческай кырдьыгын булунуутугар сүҥкэн суолталаах көмөнү оҥорбут сурунаалынан буолар.

  •  

Уус-уран айымньыны суруйуу, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр, тылбаастар, общественнай-публицистическай ыстатыйалар, көрдөөһүннэр, чинчийиилэр, араас хайысхалаах түмүүлэри оҥоруу, айаннааһыннар, ааҕааччылардыын көрсүһүүлэр, кинигэлэри оҥоруу – мин олоҕум арахсыспат аргыстарынан буоллулар...

  •  

Доҕор, аргыс дьон тустарынан өйдөбүл баар эрэ буоллаҕына, бигэтик олохсуйдаҕына эрэ, суруйааччы олоххо тутуһардаах буолсу быһыылаах...

  •  

Олох будулҕаннаах суолун тутуһан айбыт-туппут үлэбит омооно тибиллибэккэ көстө-биллэ, бэйэтин үйэтин кырдьыгын кэпсии-ипсии, чаҕаара сылдьыахтын дуу бу курдук, күндү ааҕааччым, ситиниэхэ сытара буолаарай суруйааччы киһи дьоло-соргута.

  •  

Саха литературатын историятын көмүскээһин уонна кырдьыгы булунарга туруулаһыы бары эрэйин-кыһалҕатын, сорун-муҥун даҕаны 1934 сылтан ыла күн бүгүнүгэр диэри Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын салалтата уона кини чилиэннэрэ чиэстээхтик толорон кэллилэр.

  •  

Ыллык суол кэми-кэрдиини ыпсарар,
Ыллык суол дьолго-соргуга тардыһан,
Ыллыктаах санаа аартыгар кубулуйар!

  — "Чолбон", 2022 сыл тохсунньу, с.35


Сэмэн Тумат туһунан этиилэр

[уларыт]
  •  

Кини сүрдээх сайаҕас, билиэн-көрүөн баҕалаах, сорудаҕы толоругас, кэлиитэ-барыыта сылбырҕа, үлэҕэ сыстаҕас уол буолан биэрбитэ. Буруо таһаарынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн, маассабай информация эйгэтигэр ахтыллар буолан барбыппыт.

  Василий Протодьяконов-Кулантай
  •  

Сэмэн Тумат айымньылара ааҕааччылар уонна критиктэр кэрэхсэбиллэрин ылбыт, киэҥник биллэр суруйааччы буолла. Биһиги көлүөнэ суруйааччылартан литератураҕа дьулурҕатык киирбит уонна дьулурҕатык үлэлии сылдьар аҕыйах дьон баар буоллахтарына, олортон биирдэстэринэн мин кинини ааттыах этим.

  Павел Харитонов-Ойуку
  •  

Сэмэн Тумат Чурапчыттан төрүттээх суруйааччылар нэһилиэстибэлэрин үйэтитиигэ уһулуччу улахан өҥөлөөх. Аҥардас, таһаартарбыт, киирии тылларын суруйбут, хомуйан оҥорбут кинигэлэрин ахсаана уонтан таҕыста. Тумат үтүөтүн-өҥөтүн билигин ситэ сыаналаабатахпыт иннигэр, кэлиҥҥи көлүөнэлэр куруук махталынан ахтыахтара.

  Василий Егоров-Тумарча
  •  

Киһи кимэ-туга үлэтигэр уонна дьоҥҥо сыһыаныгар көстөр. Сэмэн Тумат көннөрү сырыттаҕына, дьиэ эргиннээҕи киһи, барыбыт курдук. Хоһоон айан, ыстатыйа суруйан, кэпсээн-ипсээн бардаҕына, эбэтэр күннээҕи түбүгү үмүрү-хомуру тутан истэҕинэ кини дьонтон ураты дьоҕурдааҕын, киһиттэн таһынан киэптээҕин өйдүүгүн. Ол бу “күн бытархайа” хоһоонноругар биллитэлиир.

  Гаврил Филиппов
  •  

Сэмэн Тумат аатын төрдүгэр баар үтүмэн, үтүмэт үлэни тэрийэ-айа сылдьар, бэйэтин 30-тан тахса кинигэтин тэҥэ, 70-ча атын суруйааччылар кинигэлэрин хомуйан оҥорбут үтүөлээх-өҥөлөөх. Кини нэһилиэгин аатын ылынарыгар учуутала Вениамин Миронов поэт сүбэлээбит.

  Николай Винокуров-Урсун
  •  

Эн үгүстэргэ холобур буолар курдук дьулуурдаахтык үлэлээтиҥ. Кэлэр да өттүгэр сылайбат сындааһыннаах, элэйбэт иҥиирдэнэн, самныбат санааланан саха омугун уус-уран литератураҕын байытыһа, барҕарда сырыт!

  Савва Тарасов
  •  

Сэмэн Тумат айымньыларыгар киһи духовнай эволюциятын уустук процеһа арыллар. Кини айымньыларыттан духовнай эволюция үс хаттыктааҕын көрөбүн:
1). Киһи ис эйгэтин түгэх араҥаларыгар;
2). Дьон икки ардынааҕы сиэр-майгы;
3). Духовность үрдүкү араҥалара.
Духовность ити үс араҥатын таптал философията диэн түмүллүбүт өйдөбүлүн Сэмэн Тумат айымньылара толору арыйаллар.

  Елисей Иевлев
  •  

Сэмэн Тумат “Оҕо сааһым хоптото” сэһэнигэр Киһи уонна Айылҕа, Аҕа Үөрэҕэ, Олох иһин охсуһуу, булт уонна булчут темалара араастаан арылланнар, хамсыыр хартыыналар буоланнар тэниччи тардыллаллар.
Оҕолорго да, улахаттарга да сыһыаннаах толкуйдаах санаалар иитэр, харыһыйар суолтаҕа суруллубуттара өтө сэрэйиллэр.

  Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн
  •  

...олус омуннаах-төлөннөөх, бараммат кэпсээннээх-ипсээннээх Сэмэн кыраттан да хомойор уйан дууһалаах, кими баҕарар кытары бэрт кэбиҕэстик билсэ-көрсө охсор ураты дьоҕурдаах.

  Егор Неймохов
  •  

... онон, Сэмэн Тумат ааҕааччыларын төрөөбүт айылҕаларын кэрэтин таптыырга, кининэн киэн туттарга, киниттэн дуоһуйарга иитэр, айылҕа киһини аһатар эрэ буолбакка, иитэр суолталааҕын көрдөрөр.

  Зоя Башарина