Күннүк Уурастыырап
Күннүк Уурастыырап Бикипиэдьийэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Новиков Владимир Михайлович — Күннүк Уурастыырап (09.05.1907—30.04.1990) - Амматтан төрүттээх саха норуодунай бэйиэтэ уонна биллиилээх тылбаасчыта.
Күннүк Уурастыырап бэргэн этиилэрэ
[уларыт]- Сааһыҥ тухары бар дьону кытары дьолгунан доҕордос, кыайыыгынан кыттыс.
- Улуу нуучча тылыгар тылбаас — бу биһиги литэрэтиирэлэрбит бүтүн сойуус уонна аан дойду аренатыгар тахсар соҕотох эрэллээх уонна сатанар суоллара.
Күннүк Уурастыырап туһунан
[уларыт]- Уурастыырап – бэйэтин кэмин чаҕылхайдык ойуулаабыт поэт. …Бэйэтин көлүөнэтин, биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин үтүө дууһаларын, сырдык санааларын олоххо баарынан, таба көрдөрөн, итэҕэллээхтик ойуулаан. Литература ити саамай сүрүн ирдэбилин, кэскиллээх суолун поэт уһун үйэлээх айар үлэтигэр халбаҥнаабакка тутуспута… Иван Григорьевич Спиридонов
- Күннүк Уурастыырап курдук сүдү, улуу талааннары биэрбит норуот – дьоллоох норуот, онтон төрөөбүт норуотун төлкөлөөх түөрэҕин түстэспит, ону ыллаабыт-туойбут поэт – дьоллоох поэт. Савва Тарасов
Айымньыларыттан быһа тардыылар
[уларыт]Ырыам салгынна кѳрүлээн | |
— Ырыабар |
Аан дайды киэҥ иэнэ биһиэхэ | |
— Манчаары отуута баллаада, 1946 |
Ырыаларым — ымыыларым, | |
— Ырыаларым |
Баара дуо, сололоох киэһэҕэр | |
— Маайыстаан |
Тылбаастарыттан быһа тардыылар
[уларыт]Долгун, будул туманнарга | |
— А.С. Пушкин, Сквозь волнистые туманы Пробирается луна. На печальные поляны Льет печально свет она. |