Амма Аччыгыйа
Амма Аччыгыйа - Николай Егорович Мординов (1906, тохсунньу 6 - 1994, сэтинньи 14) — саха норуодунай суруйааччыта. "Сааскы кэм" арамаанын 1944 сыллаахха суруйбута. Бу арамаанынан киинэ уһуллубута.
Хоһоонноруттан быһа тардыылар
[уларыт]Бараммат-хороммот | |
— МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР!, 1926 с |
Прозатыттан
[уларыт]Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да дьулайбат. | |
— Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.29 |
Аан дойдуга туохтан да үчүгэй - эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ баар. | |
— Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.26 |
Улуу, кэрэ Лена өрүс, дьолго тиэрдэр килбиэннээх киэҥ айан аартыга буолан, Микиитэ иннигэр нэлэһийэ тэлгэнэн истэ... | |
— Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.750 |
Публицистикатыттан
[уларыт]Суруйааччы туох туһунан суруйара улахан буолбатах. Кини хайдах суруйара — ол улахан. | |
— Аан тыл оннугар, А. Бэрияк "Хоһооннор уонна сэһэн" кинигэтиттэн, 1986 |