Иһинээҕитигэр көс

Спиридонов Иван Григорьевич

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Спиридонов Иван Григорьевич (1930-2003) - саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаска акадьыамыйатын чилиэнэ, СӨ Ойуунускай аатынан бириэмийэтин лауреата, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, САССР көҥүл тустууга бэдэрээссийэтин бэрэстээтэлэ, 1975-83 сс. СГУ проректора, 1983-87 сс. устуоруйа-тыл факультетын декана.

Үлэлэриттэн

[уларыт]

“Уус-уран образ өрүү урукку уонна бүгүҥҥү олохтон үөскээн таҕыстаҕына, итэҕэтиилээх, кырдьыктаах буолар”;

Ойуунускай дириҥ өй-санаа дьиҥнээх литература төрдө буоларын дакаастаан туран “өйүнэн өлүүнү кыайарга” (“Кыһыл Ойуун”) киһи барахсан өйүн, санаатын-оноотун эмиэ поэзия ойуулуур уобараһыгар кубулуппута”;

Н.Е.Мординов саха литературатыгар эрэ буолбатах, бүтүн советскай литератураҕа киллэрбит сүдү кылаатынан “Сааскы кэм” романа буолар... Роман саха литературата улаханнык сайдыбытын туоһулаабыта (Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” айымньытын туһунан)”;

“Туох да үлүннэриитэ суох репрессия сыллара саха үгүс суруйааччыларын үрдүнэн көппүтэ, литературабыт сайдыытыгар уһулуччулаах кылааты киллэрбит, ону сэргэ элбэҕи эрэннэрэр, саҥа саҕалаан эрэр автордары олохтон, айар үлэттэн туораппыта” (репрессияламмыт суруйааччылар тустарынан);

“Кини саха прозатыгар аҕыйах ахсааннаах да буоллар биир маҥнайгынан холоммут автор. Кини кэпсээннэрэ саха тыатын олоҕун чопчу көстүүлэрин балачча кэрэхсэбиллээхтик, кырдьыктаахтык көрдөрөннөр проза кыра жанрдара сайдарыгар үктэл буолбуттарын бигэргэтиэххэ сөп” (К.О.Гаврилов туһунан);

Савва Тарасов бэйэтин кэмин олус күттүөннээх проблемаларын сэргэ күн аайы көрсүллэр суоллары поэзиятыгар тэҥҥэ тутар. Онно тыа киһитин күннээҕи кыһалҕатыттан сүҥкэн политическай боппуруостарга тиийэ тохтоон ааһар. Олору араастаан ырытан көрөр, бу орто дойдуга киһи туох аналлааҕын өйдүүргэ кыһанар. Ол иһин олорбут олоҕун, билбитин-көрбүтүн, сөбүлүүрүн-сирэрин хоһооннорун төрүттэрэ оҥостор” (Савва Тарасов туһунан).

Кини туһунан

[уларыт]
  •  

И.Г. Спиридонов сыанабыллара литература национальнай тыынын, философскай-социальнай ис дьиҥин сырдаталлар... Кини Арбита ураты истиилин сырдатан, поэзия ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар, уус-уран наарданыыларын уустуктарыгар тэҥнээһиннэри, ырытыылары оҥорон, кырдьык да, сонун сыанабыллары киллэрбитэ.

  — "И.Г. Спиридонов - аҕа табаарыспыт, учууталбыт." П.В. Максимова // Литературабыт ааспыт үйэтээҕи түбүктэрэ уонна түмүктэрэ, Дьокуускай, ХИФУ кинигэ кыһата, 2012, С.9