Иһинээҕитигэр көс

Кэһии

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэһии - 1. Кимиэхэ эмэ анаан аҕалыллар эбэтэр ыытыллар дьоҕус бэлэх (былыр үксүгэр ас буолара).

Уус-уран литератураҕа

[уларыт]
  • "Бу чахчы, чахчы, мин оҕом былаата. Маны мин куораттан кэһии таһааран биэртим. Бу мин кэриэһим, аҕатын кэриэһэ буолуох тустаах этэ. Ону кини, хайдах, хайдах кэһэн, тэпсэн туран, киһиэхэ биэрэрий?"

Д.К. Сивцев, Күкүр Уус

  • "Кулуба кинилэргэ хам-түм киирэн тахсара. Хайаан да кэһиилээх кэлэрэ. Аҕалбыт кэһиитин: чэйи, саахары, бурдугу, сороҕор эмис эти саҥата суох остуол үрдүгэр уурара, сыгынньахтаммакка ороҥҥо олорон, Хабырыыс-Хоборооһу аһыммыт дуу, ахтыбыт хараҕынан чочумча одуулаһара. Дириҥник үөһэ тыынаат, ыардык үктэнэн тахсан барара. Кини түөһүллэн тахсаатын кытта, оҕолор кэһии үрдүгэр түһэллэрэ. Кулуба тоҕо кинилэргэ куруук кэһии аҕаларын ийэлэриттэн ыйыталлара да, ийэлэрэ тугу да эппэт этэ. Кулуба кэһии аҕаларын куруук күүтэллэрэ, күннэрин-дьылларын кини тиһэх кэһиитин аҕалбыт күнүттэн ааҕаллара".

И.М. Гоголев, Хара кыталык