Иһинээҕитигэр көс

Куорсуннаах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах - саха народнай суруйааччыта, бэйиэт, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.

Айымньыларыттан

[уларыт]
  •  

Туох барыта чуумпуга айыллар -
Хоһоон, таптал, айылҕа, өлүү...
Ол таайыллыбат таабырынын
Сүрэх эрэ чуумпутук сэрэйэр.

  — Хомуһуннаах хоһооннор. - Дьокуускай: Көмүөл, 2010, с.34
  •  

Иэс баайар идэлээхтэри
Испэр олох киллэрбэппин,
Киһиэхэ үтүөнү оҥорор -
Хандалы кэтэрдэр буолбатах.

  — Хомуһуннаах хоһооннор. - Дьокуускай: Көмүөл, 2010, с.41
  •  

Дьону, олоҕу таптыахха,
Чугас киһини үөрдүөххэ,
Дьолу харах мичээринэн
Манньытан ыҥыран ылыахха.

  — Хомуһуннаах хоһооннор. - Дьокуускай: Көмүөл, 2010, с.41
  •  

Ханна эрэ ырыых-ыраах
хаҥыл тыыннаах дойдубар
халлаантан сиргэ түспүт
хаар тумараҕа сууламмыт
кыымынан илгистэр үөлэстээх
кыра дьиэ миигин күүтэр...

  — Сулустан тохтубут хоһооннор, Көмүөл, Дьокуускай, 2011, С.21

“Бу Таатта эҥэр оҕону табан иитэр үтүө үгэстээхтэр. Биһиги курдук буорга-сыыска былаан көрбөттөр, тута үгэскэ, үөрэххэ сыһыараллар” (“Аан талҕа”, с.6);

“Оруостар, бу эҥэр биллэринэн, үтүө сүүрүктэри утумнаахтык ууһаталлар уонна күндүтүк саныыр дьонноругар биирдэстэрин эмэ мүччү тутан бэлэхтиир үгэстээхтэр” (“Аан талҕа”, с.6);

“...бу кэпсээбиппин өйдүү сылдьыҥ, туох барыта ырыттахха остуоруйалаах буолар” (“Аан талҕа”, с.26);

“Ордук кэрэхсэбиллээҕэ туспа омук дьоно диэн атааннаабакка, кыалларынан судаарыскайдарга киһилии сыһыаннаһыылара этэ (“Аан талҕа”, с.31);

“Оо, оҕо саас, оҕо саас... Оройго оҕустарыаххар диэри оҕо сааскыттан арахсыбаккын быһыылаах ээ...” (“Аан талҕа”, с.54);

“...“Ат сүүрдүү бу күрэс былдьаһыы эрэ буолбатах, дьоҥҥо Дьөһөгөй оҕотун кэрэтин толору көрдөрүү эмиэ биир сүрүн көстүү” диирэ Балдьай” (“Аан талҕа”, с.61);

“Сибиир маатыска улуу иэнин Арассыыйа хаһан даҕаны “Культурнай” даҕаны, “Федеративнай” даҕаны аптаныамыйа кыра омукка кэлэрин туһугар туран биэриэ суоҕа! (Котик тыла)” (“Аан талҕа”, с.119);

“Хомуһуннаах ойуун курдук киһини абылаан кэбиһэр сэдэх дьоҕурдаах” (Ойуунускай туһунан) (“Аан талҕа”, с.136);

“Дьэ ити, атас доҕорун, аҕа оҕотун, быраат убайын утары туруннахпыт. Ол эрээри хайа да балаһыанньаҕа икки лааҕырга тэҥинэн кыттыспыт суох, хайатын эрэ таларга тиийиллэр. Ону толкуйдаа” (Ойуунускай тыла) (“Аан талҕа”, с.141);

“Көҥүл буолла диигин даа, көҥүл күлүгэ эрэ быһыылаах” (Хабырылла Силэпиэнтэп тыла) (“Аан талҕа”, с.145);

“Романтиканы ыччат сэриигэ кытта көрдүүр” (Хабырылла Силэпиэнтэп тыла) (“Аан талҕа”, с.177);

“Чэ, ким билиэ баарай, өрт уота куоттаҕына, бөдөҥ даҕаны мастары ордорбот” (Эдуард Троц тыла) (“Аан талҕа”, с.191);

“Оччоҕо эн таҥараҥ тугуй? Ама, эн тапталлааххын кытта күннэри-түүннэри бассабыык баартыйа туһунан кэпсэтэн тахсыаҥ этэ дуо? Чуҥкук буолаарай” (Баһылай Оруоһун тыла) (“Аан талҕа”, с.247);

“Оо, эдэр саас, таптал. Ханнык да үйэҕэ эдэр саас биир. Бараммат элбэх баҕа, ыһыллар элбэх ыра, инникигэ эрэл ситтэрбэт сыралын сырсыы. Таптал киһини туохха-туохха тиэрпэтэҕэй?” (“Аан талҕа”, с.295-296);

“Доҕор диэн доҕор, оттон таптал – айылҕа киһиэхэ тус бэлэҕэ” (“Аан талҕа”, с.296);

“Кини тоҕо тапталын туһугар дьонун, аймахтарын, бэйэтин аатын толук уурбут киһини абааһы көрүөй” (“Аан талҕа”, с.301);

“Дойдубутугар биһигини ким да күүппэт. Ол эрээри дойду диэн дойду, муммут оҕолорун син биир бэйэтин күөнүгэр киллэрэ турар дьиктилээҕэр эрэнэбит” (Терентий аҕабыыт тыла) (“Аан талҕа”, с.332);

“Саа уоһугар бэйэ киирэн биэрэрэ акаары быһыы, хайа сатанарынан тыыннаах буолар туһугар охсуһуохха. Тыыннаах эрэ киһи ону сатыыр, өлбүттэн туһа суох...” (Алампа тыла) (“Аан талҕа”, с.382);

“Ытаа-ытаа... Ытыыр эмиэ туһалаах дииллэр. Эн курдук аһыныгас сүрэхтээх киһи бэйэҕэр куутуйаланарыҥ ордук куһаҕан” (Баһылай Оруоһун тыла) (“Аан талҕа”, с.389);

“...олох төһө да кытаанах буоллар, эн курдук наһаа кэрэ. Эн эрэ баар буолаҥҥын...” (Баһылай Оруоһун тыла) (“Аан талҕа”, с.390);

“Ким эрэ дьадаҥы, ким эрэ баай, ымсыырыы ханна барыай” (Биэрэ Дабыыдап тыла) (“Аан талҕа”, с.404);

“Даа, саҥа былаас эдэрдэри ордорор, эн эмиэ онно умсан эрдэҕиҥ, оттон ол байҕалтан кырдьыгы булан күөрэйэр ыарахан” (Ылдьаана тыла) (“Аан талҕа”, с.409);

“Чахчы даҕаны, ахсым аттарын уорҕатыгар олордоллор эрэ, кинилэр көҥүл буола түһэллэр эбээт” (“Аан талҕа”, с.429);

“Икки ый хаайыыга бүтүн икки үйэҕэ тэҥнэһэр” (“Аан талҕа”, с.545);

“Ол эрээри өлүү кини дууһатын ыларга тиэтэйбэккэ, тургутардыы аттыгар манаан олороро” (“Аан талҕа”, с.563);

“Саҥа-иҥэ суоҕа, үрэх баһын дьоно үксүн итинник буолаллар, бүтэ тоҥон хаалбыт дьон” (“Аан талҕа”, с.595);

“Өҥ буорга түспүт туораах аһа үчүгэй буолар” (“Аан талҕа”, с.605);

“Дьиҥэр, бу үлүгэр тыйыс дойдуга саха дьахтара барахсан дьиэ холумтанын сойуппакка баччаҕа диэри норуоту тыыннаах аҕалбыт” (“Аан талҕа”, с.606);

“Дьахтары өрө туппат омук сайдыыта бытаарар, олоҕо уустугурар, ыарыыр” (“Аан талҕа”, с.606);

“Омук кыаҕа төһөҕө даҕаны олорор сирин иэниттэн көстөр” (“Аан талҕа”, с.606);

“Мин араас омук оҕолорун үөрэппит киһибин, ол эрээри бу саха оҕолорун курдук үөрэххэ дьоҕурдаах, дьулуурдаах оҕолору көрбөтөҕүм. Оттон ахсаан аҕыйаҕа талаанын күүһүттэн, дьоҕурун баламатыттан буолар” (“Аан талҕа”, с.607);

“Тоҕо сүрүкэтэй, эһиги Оруос буолбут кыһалҕаҕытыгар, биир да суох гына имири эстиэхтээх үһүгүт дуо? Биһиги крууук истэрбит, Оруоһуттар диэн саха саарыннара, улуу үөрэхтээхтэрэ, киһи тэҥнэспэт дьоно үһү диэн. Онтукаларбытын эһэн баран, бу хайдах саха буолабыт?” (Соппуруон тыла) (“Аан талҕа”, с.637)