Айылҕа
Тас көрүҥэ
Айылҕа - тулалыыр эйгэ, сир-дойду.
- Айылҕа алыбын этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи олус ыраас санаалаах буолар.
- Айылҕа сыыспыта суох, оттон киһи сыыспыта элбэх.
- Айылҕа, төһө да баай буоллар, уолбат ойбон, түгэҕэ суох сундуук буолбатах эбээт!
- Айылҕаны кытта күн аайы сүрэҕинэн сэлэһэр киһи үгүс дьон өйдөөбөттөрүн өйдүүргэ үөрэнэрэ буолаарай?
- Айылҕаны кытта сүрэххинэн силбэһэр кэмҥэр сирдээҕи дьол диэн тугун өйдөөн ыларга дылыгын… (Иван Гоголев)
- Саха кыһыҥҥытын мин айылҕа өлөр, киһи муҥу көрөр кэмин курдук ыҥырыктаан өйдөөбөппүн. Кини саргылаах саас, самаан сайын кэлэллэрин кэскиллиир, бэйэтэ солбуллубат туспа дьикти кэрэлэрдээх кэм буолар. Төрөөбүт айылҕа көйгөтүйэр кэмэ диэн суох (Амма Аччыгыйа)
- Кыһын, биһиги санаабытыгар, айылҕа дөйөр, уҥар, өлөр. Ол сыыһа. Олох сылааһа кыһын да сойбот. Көтөргө-сүүрэргэ, окко-маска кыһын ойуур ордук наадалаах. Кыһыҥҥы ойуур — халыҥ хахха, күүстээх көмүскэл, сылаас дьиэ-уот (Амма Аччыгыйа)
- Киһи уонна айылҕа арахсыспат биир тыыннаахтар (Василий Протодьяконов-Кулантай)
- Айылҕаттан наһаа тэйдэххэ, киһи олоҕо огдолуйар эбит, омук быһыытынан кэхтии кэрдииһэ кэлэр эбит.
- Айылҕаттан ананан кэлбит хас биирдии киһи — ураты айылгы, айылҕа сокуонунан илбистээх, алгыстаах, онон да айылҕаны кытта дьүөрэлии буолуохтаах (Эдьиий Дора).
- Киһи уонна айылҕа арахсыспат биир тыыннаахтар. (Василий Протодьяконов-Кулантай)
- Айылҕа уонна айылгы алтыстаҕына, айар кут уһуктара буолуо (Ксенофонт Дмитриевич Уткин – Нүһүлгэн)
- Айылҕаҕа сылдьан эмтэнии эмиэ биир үтүө үгэс.
- Биһиги итэҕэлбит — Айылҕа, бастакы дьиэбит — Айылҕабыт, Эбэлэрбит.
- Айылҕа бэйэтэ ситим, сибээс быстаары гыннаҕына, кэмиттэн кэмигэр анаан биэрэр, ол удьуор утума да буолуо.
- Айылҕабыт эрэ биһигини бу күҥҥэ тиэрдэн аҕалбыта, айылҕанан эрэ тыыннахпытына, биһиги өй-санаа, эт-сиин өттүнэн чөл буолуохпут.
- Айылҕа уйан, кыра бааһырыыны тулуйбат, ол иһин бүөбэйдии, харыстыы сылдьыахха.
- Айылҕа барахсан оҕо курдук улаатан, үүнэн-ситэн сириэдийэн, киһи өйүн-санаатын тутарын курдук, чээлэй күөх киистэни анньынар, ытарҕатын иилинэр үтүө дьылҕалаах эбит.
- Хас биирдии омук айылҕатыгар төннүөхтээх. Бэйэтин төрдүн-ууһун, аатын-суолун тилиннэрдэҕинэ, онно бигэнэн, силиһигэр-мутугар тайанан эрэ дьиҥнээх киһи, саха омук буолар эбит.
- Айылҕа быһыытынан, киһи бэйэтин айылҕатын уһугуннаран, тулалаан турар эйгэни кытта ситимин олохтуохтаах, күүһүрдүөхтээх. Онуоха чахчы айылҕа оҕотобун дэнэр гына бэрээдэктэниэхтээх, чөл буолуохтаах.
- Айылҕаттан куоппаккын, айылҕа ордук-хоһу туттубат (Эдьиий Дора)