Баай
Баай - үп-харчы, мал-сал, ас-таҥас дэлэйэ, үгүһэ (дьоҥҥо).
Өс хоһоонноро
[уларыт]- Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат.
- Баай мэник иккигэ халлаан хабарҕатынан,муора тобугунан.
- Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун.
- Баай санаата уу күүһүн курдук.
- Баайы кытта мөккүһүмэ, быһыйы кытта сырсыма.
- Баайы баһынан тумнуоҥ дуо?
- Баайбын диэн бардамсыйыма, дьадаҥыбын диэн сэнэнимэ.
- Саһыл түүтүнэн, киһи баайынан.
- Дьадьайан баран баайгын кэпсээмэ, кырдьан баран күүскүн кэпсээмэ.
- Дьадаҥы байбат, баай аһыммат.
- Дьадаҥы ыал уота сылаас, баай ыал уота кэмсиик.
- Дьадаҥы киһи үс хос куобах суорҕаҥҥа бүрүллэн утуйар, баай киһи иннэ-бүргэс үрдүгэр утуйар.
Баай, байар туһунан уус-уран айымньыларга
[уларыт](Дудников атыыһыт Дьөгүөрсэҕэ ) "... билигин эйигин, баай киһини, үгүс тойоттор тэҥнээхтэрин курдук көрүөхтэрэ уонна "Егор Петрович!" диэн ыҥырар буолуохтара. Олох сокуона оннук, киһини баайыттан, дьадаҥытыттан көрөн ааттыыллар...". | |
— Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.71 |
Хара харах харахтаабатах, | |
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Кэччэгэй баай.- Якутскай, 1978, С. 68 |
(Чоочо):"Эһиги да бааргыт эбээт, тоҕо байбаккыт-топпоккут, киһи эрэ бэлэмигэр бэрт буолаҕыт. Баайы да киһи эрэйинэн байар, үбү да киһи кыһалҕанан булар". | |
— В.В. Никифоров, Манчаары. |
(Лэгиэнтэй атыыһыт)"- Баай, баай... Истиэххин баҕарар буоллаххына - баай курдук куһаҕан суох быһыылаах... Биир солкуобайыҥ икки буоларыгар дьулуһаҕын. Биир харчыны барыстнар иһин - ийэлээх аҕаҕын атыылыах курдук буолаҕын... Кини эйигин сүгүн утутара, олордоро диэн кэлиэ баар дуо?! Төһө байан иһэҕин да - соччонон өйгүн киниэхэ сүүйтэрэн, былдьатан иһэҕин...". | |
— Николай Якутскай, Төлкө |
- Эйиэхэ төрөппүт ийэҕинээҕэр, кырдьык иннигэр өлөн эрэр бырааккынааҕар ити туора топпут, кытаччы уойбут баай ыамалара ордук буоллахтара дии!...
С. Ефремов.Ини-бии
Алампа "Олох оонньуура" драматыгар баай, байар туһунан
[уларыт]- "... (Дьэкиим) Көнө сүрэҕинэн сылдьан бэйэ иннин көрүнэн, кыһалҕата суох иитинэн олорор да үчүгэй. Баай да эрэйдээх буолара буолуо ээ, ким байан көрөн билэр".
- " ... (Уйбаан) Байары биллэххэ, хайдах баҕарар буолуохха сөп. Мин, байарбын биллэрбин, тугу баҕарар оҥоруом этэ. Бу күҥҥэ баайтан ордук дьол суох буолуохтаах".
- " ... (Уйбаан) Таҥара кимиэхэ да илэ баһан, кутан биэртэ диэн суох ээ. Дьон кэм тугунан эмэнэн сылтаан байаллара буолуо".
- " ... (Уйбаан) Ыал буолтум тухары күн тура-тура үлэлиибин да байан-тайан кэлбэтим. Сорох дьон тугу гынан, күөс үллэрин курдук, байаллара буолуой? ... Баай диэн үчүгэй да суол ээ. Баайым буоллар, бу курдук ыкса түүҥҥэ дылы үлэлээн муҥнана турар этиэм. Дьаһайан, мөҥөн кэбиһэ-кэбиһэ, сытыам, эбэтэр талбыт сирбэр сылдьыам этэ.."