Иһинээҕитигэр көс

Күлүмнүүр

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Василий Васильевич Никифоров — Күлүмнүүр (18.05.1866—15.09.1928) — Саха Сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ, краевед-учуонай, суруйааччы, публицист, Сахалар сойуустарын салайааччыта, Саха Сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.

Күлүмнүүр туһунан

[уларыт]
  •  

 Ньукулай Уус Күлүмнүүр ойуун туһунан толору кэпсээбитин, ону улаханнык биһирээбитин, Күлүмнүүр ойууну аҕа курдук туттубутун иһин Күлүмнүүр диэн суруйар ааты ылыммыта.

  — Березкин Иван Георгиевич В.В. Никифоров-Күлүмнүүр туһунан ахтыыта. Василий Васильевич Никифоров-Кюлюмнюр. Сост. А.Н. Жирков, П.П. Петров, Н.М. Черосов. Якутск, Бичик, 2016. С. 29-33

Манчаары (драма, Күлүмнүүр, 1908)

[уларыт]
  • ...убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанаҕар уһуктаммытым мөлтөх буолуо.
  • Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымрдаахпын, ама дьадаҥым иһин мин да оонньуур хааннаахпын.
  • Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.
  • Сүрэҕим-быарым улллан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум уу буолбат, аһыр да аһым ас буолбат.
  • Билигин да кыайтарбатахтарын, хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскитин кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ, маннык хараҥа баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа.

Публицистика

[уларыт]
  •  

Биһиэхэ, сахаҕа, сахалыы сурук үөскэтэр, ордук үчүгэй абыраллаах буолуохтаах. Ол кэннэ, оскуолаҕа үөрэх барыта сахалыы тылынан буоллаҕына, саха ортотугар үөрэх ордук түргэнник тэнийэн тэлгэниэ этэ.... Үчүгэй сахалыы кинигэлэр туһалара көһүннэҕинэ, үөрэх сахаларга сыстыа этэ буоллаҕа...
Бу маны санаан, биһиги, күүспүтүн холбоон, сахалыы суруйан хаһыат диэни тэрийэбит. Урут хаһан даҕаны санаа булуллубатах суол улахаҥҥа турар, онтон антах, онон төрүттэнэн бэйэтэ бэйэтиттэн улаатан, кэҥээн иһиэхтээх.

  — "От ыйын 1 күнэ", Саха дойдута, 1907