Ойох
Тас көрүҥэ
Ойох - эр киһи кэргэнэ, дьахтар. Дьахтар кэргэнэ - эр.
Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор
[уларыт]- Ойоҕостон ойох көрдөөбүккэ дылы - кыттыгаһа суох эрээри, туораттан орооһор, тылга тииһэр киһи туһунан этиллэр
- Одуулууруҥ эрэ ойоҕуҥ, кыҥырыыҥ эрэ кыыһыҥ - кэргэттэрин тылынан батарбат дьиэ баһылыгын туһунан
- Ойоҕор айах туппукка дылы - ыалдьыты күндүлүүргэ сиэри кэһэн үгэһи тутуспакка, кырдьаҕаһы-мааныны бастатан күндүлээбэт киһини этэллэр
- Ойоҕо хараҕа суох буолтун туһунан үс сыл буолан баран билбиккэ дылы - туох эрэ куһаҕаны өргө диэри өйдөөн көрбөккө билбэккэ сылдьан баран билбит киһини күлүү гынан этэллэр
- Ойуун ойоҕо дьохтоох, уус ойоҕо - дархан.
- Бэйэм ойохпор бэйэм ымсыырдым диэбиккэ дылы.
- Аҕабыт ойоҕо аакка түһэр.
- Ойуун ойоҕо улаҕалаах.
Ойох туһунан уус-уран этиилэр (эпитеттар)
[уларыт]- Хоойго сытар холоонноох доҕоро
- Үрүҥ дьиэм үрүмэччитэ, хара дьиэм хараҥаччыта
Уус-уран айымньыга
[уларыт]- (Оруос Баай) Икки атахтаах эрэйин аччатаары,
Икки атахтаах дьолун тупсараары,
Кыра кыыспын, Айыы Куону,
Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр,
Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа
Ойох биэрэн атааран эрэбин.
П.А. Ойуунускай. Кыһыл Ойуун. 10 кылааска үөрэнэр хрестоматия. Бичик: 2009, С.182}}