Кыыс
Тас көрүҥэ
Кыыс оҕо — быһа барыллаан 15-16 сааһыгар дылы дьахтар аймах. Ким эрэ кыыс оҕото (сааһыттан тутулуга суох) эдэр дьахтар, урут кэргэннэнэ сылдьыбатах кэргэнэ суох дьахтар, эр киһини кытта сылдьыһа илик дьахтар. Сорох түөлбэ тылыгар - кэргэн, ойох.
Кыыс оҕо туһунан өс хоһоонноро
[уларыт]- Кыыс оҕо сирэйигэр дьоллоох.
- Кыыс оҕо тэллэҕэр уон уоттаах.
- Кыыс оҕо санаата аһынааҕар кылгас, көхсө сиэҕинээҕэр кыараҕас.
- Уол оҕотооҕор кыыс оҕо уота сылаас.
- кыыс оҕо- омук анала.
- Кыыс оҕо маныыта баҕанатыгар хаалар.
- Сүктэр кыыс кэннин хайыһан көрбөт ыйаахтааҕар дылы.
- Төрөөбүтүгэр олорор кыыс дьоло суох буолар
- Дьоллох кыыс төрөөбүтүттэн ийэтиттэн,аҕатыттан ыраах эргэ барар.
- Кыыс оҕо атыылаах-сулуулаах буолар.
- Кыыс дьахтар кытыйатын-хамыйаҕын кытта кырбаһар,ойоҕо суох уол үтүлугун-бэргэһэтин кытта охсуһар.
Кыыс оҕо туһунан уус-уран айымньыга
[уларыт] Дьиэни иччилии, | |
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон.- Якутскай, 1978, С. 61 |
Уон алталаах-сэттэлээх сааспар | |
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон.- Якутскай, 1978, С. 63 |
Кыыска сыһыаннаах сомоҕо домохтор
[уларыт]- Сырбаҥ-татай - 16—17 саастаах кыыс