Тыл
быралыйар
Тылга сыһыаннаах өс хоһоонноро
[уларыт]- Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.
- Быhах сытыыта, тыл чобуота ордук.
- Киһи тыла – ох
- Киһи тыла уоттааҕар абытай.
- Кыһыл тыл - байҕалы оломнуур.
- Сиэрдээх тылы утарар кытаанах.
- Тыл барда – бас барда
- Тылы тыалга бырахпаттар.
- Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
- Үтүө тыл баайдааҕар күндү
- Эппит эйэҕэс тылыҥ үтүөнэн эргиллэн кэлиэҕэ.
- Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар.
- Эр киһи тыла биир.
- Эн эппэтэҕиҥ – таҥара эппитэ буоллун.
- Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр.
- Кэһиллибэт кэс тыл.
- Өс хоһооно - өбүгэ номоҕо.
- Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт.
- Кыыс оҕо ырыатыгар кыттыспыт, уол оҕо тойугар холбоспут.
- Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах.
- Тыл уҥуоҕа суох.
- Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
- Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат.
Биир тылы билэр киһи — соҕотох киһи, үс тылы билэр — үс киһи. | |
— Цхьа мотт ховр цьха саг ва, кхоъ мотт ховр кхоъ саг ва. Ингуш өһүн хоһооно |
Сомоҕо домохтор
[уларыт]- тыл ааҕыс
- тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат
- тыла бара турар
- тыла бөлүөһүннэ (булдьуйда)
- тыла кыһыйар
- тыла өҕүллүбэт
- тыла-өһө тобуллар
- тыла өһүлүннэ (сөлүннэ)
- тыла суох барда
- тыла суох ыыт
- тыла тарпыт
- тыла тахсыбат
- тыла тиийэр
- тыла уҥуохтана илик
- тыла уһуктаммыт
- тыла халыҥ
- тылбай-өспөй буол
- тылбытын аҥардаһыах
- тылга иҥнэр (түбэһэр)
- тылга киллэр
- тылга олорт
- тылгар тур
- тылга тиис
- тылгын тылбыылаа
Хоһоонтон быһа тардыылар
[уларыт]Сүүрбэһис үйэ муммут | |
— Умсуура |
| |
— Сиэн Кынат |
Куту-сүрү кууһар тылы, | |
— К.Васильева |
Уу устар, уларыйар | |
— Алампа |
Тыл туһунан бэргэн этиилэр
[уларыт]Өскө төрүт тылгын умнуоҥ — | |
— Сэмэн Руфов |
- Ханнык тыл этиллибитэ суолтата суох, ол тыл хайдах этиллибитэ суолталааҕа кырдьык эбит.
- Бэл диэтэр, туох да кэтэх санаата суох алҕас төлө ыһыктыллыбыт тыл саҕа сытыы, ыарыылаах туох баар үһүө.
- Оо, дьон киһи сүрэҕин саамай уйан бааһын холуон тылынан таарыйаргытыттан тоҕо сэрэммэккит буолуой?
- Дарбааннаах тыл бэрт дөбөҥнүк этиллэр даҕаны, ол курдук бэрт дөбөҥнүк күдэн кэриэтэ көтөр даҕаны.
- Ардах уута хотоол сиргэ мустарын кэриэтэ, тыл хонноҕуна хонон барааччы.
Өйдөммүт өй, этиллибит тыл барыта туолан истэр, орто дойду олоҕо олус да судургу буолуох этэ. | |
— Софрон Данилов |
Уу устар, уларыйар, | |
— Алампа |
Төрөөбүт тылы таптааһын төрөөбүт норуоту таптааһыны, киниэхэ ис сүрэхтэн бэриниилээх буолууну кытта быстыспат ситимнээх. | |
— Амма Аччыгыйа |
Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ, | |
— Сэмэн Данилов |
Наассыйа бастыҥ бас билиитэ - кини тыла | |
— Иосиф Бродскай |
Саха тыла! Саха омук тылын сүмэтэ — Кулаковскай, Ойуунускай тыллара! Түҥ былыргы соҕурууҥҥу уордаах сахтары уонна хоту тымныы-тыйыс дьыбарын бииргэ ыпсаран сатаан холбообут, ону ойуулаан-оһуордаан, уустаан-ураннаан хомоҕой хоһоон, ыллам ырыа, кэрэ кэпсээн гыммыт мин төрөөбүт сахам тыла кэнэҕиһин-кэнэҕэс кэхтэн-эстэн хаалбакка, аан дойду норуоттарын муудараһыгар кыттыстар, киһи аймах культуратын фондатыгар аналлаах миэстэтин буолар... | |
— Далан |
Тыл туһунан этиилэр
[уларыт]Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат. | |
— Амма Аччыгыйа |
Киһи тылын олус ылыннарыан баҕардаҕына,ардыгар,тыла-өһө мөлтөөн-сыппаан хаалааччы.Софрон Данилов.
Туора киһи баарыгар кэпсэтии атын,итэҕэйсэр бэйэ дьонун ыккардыгар атын.Н.Лугинов.
Киһи дьиҥнээхтик сөбүлүүр,ытыктыыр,эрэнэр киһитигэр эрэ кичэм санаатын кэпсиэн сөп.Софр.Данилов.