Олох
Тас көрүҥэ
Олоххо сыһыаннаах сомоҕо домохтор
[уларыт]- Олоҕо суоҕунан көрдө
- Олоҕум аргыһа
- Олоҕун биэрдэ
- Олоҥхо олоҕо
- Олорбуппут сыччах
- Олорон биэр
- Олох долгунугар оҕустарда
- Олох очуругар оҕустарда
- Олохтоох уутун утуйда
Олоххо сыһыаннаах өс хоһоонноро
[уларыт]- Өрүс долгуннаах, олох очурдаах
- Олох оҕо оонньуута буолбатах
- Балык ыамнаах, киһи күннээх
- Киһи иккитэ төрүөбэт
- Күнүм буолла: күөнэҕим таҕыста
- Күнэ да күөнэҕэ да буолбут
- Күнүм буолла: күөрэгэйим ыллаата
- Киһи аан дойдуга биирдэ төрүүр
- Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук
- Сыл диэн хонук
- Мутугунан быраҕар муҥур үйэ
- Саллар сааһым, үллэр үйэм
- Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах
Олоххо сыһыаннаах саха суруйааччыларын этиилэрэ
[уларыт]Отон этим, оҕо этим, | |
— Уйбаан Мигалкин |
Олох - өрүс, улуу өрүс | |
— Наталья Харлампьева |
Саха бөлүһүөктэрэ олох туһунан
[уларыт]Олох түптээх уонна түбэ суох буолар. Түп диэн бигэ төрүттээх буолуута ааттанар. Түптээх олох. Киһи бэйэтин кыаҕынан олоруохтаах. Ол аата сатыыр дьарыгынан, сөбүлүүр идэтинэн олоҕун оҥостуохтаах. Биир сиргэ-уокка, чопчу дойдуга тохтоон, онно тэнийэн, ууһаан иһиэхтээх. | |
— Дабыл. Бырамаҥҥа быралыйыы. Дь. Бичик, 2009 |