Иһинээҕитигэр көс

Кытыйа

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Кытыйа - миискэ курдук дьоҕус мас иһит.

Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо

[уларыт]
  • Ыт баһа кыһыл көмүс кытыйаттан төкүнүйбүтүгэр дылы.
  • Кытыйа кыырда, хамыйах хардааччыта, мэһэмээн мэкчиргэтэ.
  • Кытыйа кытыйатын кытта кырбаһар, хамыйах хамыйаҕын кытта хабырыһар.
  • Кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһан үөскээбит.
  • Кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһа олорор.
  • Кытыйата туолла.
  • Кытыйа-хамыйах кырбаһыы.
  • Кытыйа-хамыйах салас.

Уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

 Тар үөрэни чалыр-чулур кутаннар, үс сиринэн үүдэһиннээх үтүө иһитинэн , ур кытыйанан уруйдаабыттара...

  П.А. Ойуунускай. Олох дуу? Түүл дуу?
  •  

Хаҥас долбуурга кытыйалар туралларын биир-биир ылаттаан көрүтэлээтэ.

  Амма Аччыгыйа
  •  

Настаа эмээхсин кытыйаҕа арыылаах саламаат кутан аҕалла.

  Күннүк Уурастыырап


  •  

Маайа кыра мас кытыйаҕа күөрчэх ытыйан, лэппиэскэтин аҕалла.

  Эрилик Эристиин
  •  

Эт эрэ эн миэхэ, кытыйа,
Уоттаах алтаннаах удьурҕай,
Ханнааҕы хатыҥы кыдыйан
Ким эйигин оҥорбутай?

  Эллэй. Кытыйа