Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Эллэй (Серафим Романович Кулачиков) - саха бэйиэтэ. Сахаттан бастакы үрдүк үөрэхтээх суруналыыс, саха бастакы норуодунай суруйааччыта.
| Туман буолбут хонуктар
Тумулларын кэтэҕэр
Кыһыл буурҕа аттаахтар
Ньиргиэрдэрэ иһиллэр. |
| |
— Буурҕа буулдьа дьылыгар (Бэйиэмэ) |
| Халлаан диэки хайыһыҥ -
Хара суордар көтөллөр,
Эмиэ хааннаах ыһыаҕы
Тэрийээри көбөллөр... |
| |
— Буурҕа буулдьа дьылыгар (Бэйиэмэ) |
| Эмтээн биэриэ - бааһырдахха,
Эдэр сааһы - кырыйдахха
Эргитиэ- диэн эрэнэрим
Мин эйиэхэ, Ийэ сирим. |
| |
— Эллэй |
| Төрүөхпүттэн үтүө түүлүм,
Үрдүк үөрүүм, өспөт күнүм,
Төрүөбүт сирим барахсан,
Эйиэхэ мин кэллим ахтан. |
| |
— "Ийэ сиргэ эргиллии" хоһоонтон. |
| Баҕардар кэм хаара баттаатын,
Хап-хара баттахпын маҥхаттын –
Мин куруук комсомол уол буолуом,
Комсомол, Эйиигин мин туойуом. |
| |
— "Мин куруук комсомол уол буолуом" хоһоонтон. |
| Биир кэргэн сүүс омук сүрэҕэ
Эн түөскэр тэбэрин курдуга,
Эн үтүөҥ үйэттэн үйэҕэ
Өлбөккө ахтылла туруоҕа. |
| |
— "Максим Аммосов" хоһоонтон. |
| Өргөйүө күнүс, түүн,
Өстөөх үлтү охсуллуо,—
Инньэ диэн, халлаан сырдаан,
Күммүт ойор кэмигэр
Ойуунускай Былатыан
Ырыа ыллыыр, тыл этэр. |
| |
— "Былатыан Ойуунускай" хоһоонтон. |
| Сүүрбэһис үйэ! Эн кэлэр кэрэҕин
Сирэй тиийэн көрбөтөрбүн даа,
Кэрэ бэйэҕин бэлэмнэспиттии – миигин,
Барыбытын баар курдук санаар! |
| |
— "Сүүрбэһис үйэҕэ" хоһоонтон. |
| Иитиллибит ийэ тылларым —
Нууччам, сахам этэр тыллара!
Үчүгэйиэн көҥүл саҥара,
Өрүү эһигинниин сылдьарым,
Сир, халлаан кистэлин арыйар
Наука чыпчаалын ыларым.
Алмаас тыллары аттаран,
Айымньы кэрэтин айарым! |
| |
— "Иитиллибит ийэ тылларбар" хоһоонтон. |
| Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир. |
| |
— "Таптыаҕыҥ ийэни" хоһоонтон. |