Иһинээҕитигэр көс

Үөрэх

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Үөрэх - билиини, сатабылы ылыы, үөрэнии.

Үөрэххэ сыһыаннаах өс хоһоонноро

[уларыт]
  • Акаары абытайтан, өйдөөх сүбэттэн үөрэнэр.
  • Күн - сири, үөрэх киһини сырдатар.
  • Үөрэх баар - бараммат баай.
  • Үөрэҕэ суох киһи хараҕа суох кэриэтэ
  • Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.
  • Үөрэнии син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ.
  • Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын.
  • Оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ, олоххун сүтэриэҥ.
  • Күн сири сырдатар, үөрэх - киһини.
  • Былыргы киһи ынаҕынан баай, аныгы киһи үөрэҕинэн баай.

Биллиилээх дьон үөрэх туһунан

[уларыт]
  •  

Хаарыан эдэркээн отон курдук кыргыттар, оҕо-уруу төрөппөккө, манна кэлэн кумааҕы быыһыгар хатан олороору гынаҕыт?

  Антонов Николай Климович (ылыллыбыт сирэ: СС-90 аатыттан Татьяна Лоһуура // Самныбат саргылаах сахабыт салаата, Дь. Бичик, 2014, С.142)
  •  

Норуот төһөннөн баттанан-үктэнэн олорор да соччоннон кини билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта, улахан омугу кытта биир муостаҕа турарга дьулуһуута күүстээх буолар.

  Филиппов Гаврил Гаврильевич, Дьолуо : хоһооннор / Борис Павлов. - Дьокуускай : Көмүөл, 2017, С. 82

Уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

 Үөрэхтээҕим эбитэ буоллар, сулуһунан, суругунан суолланыам этэ, ол үөрэммэтэх айыыбар хааттынан харахтанным.

  П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Иирбит Ньукуус / - Дьокуускай : Бичик, 2003, С. 145
  •  

 "Эбэккээм! Көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ахсааннаах... Үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ - үтэлээ! Үөрэнэн үрүҥ күн сырдыгын көрөргө бу үтэ булаары сордоно турабын...

  П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Оҕо куйуурдуу турара / - Дьокуускай : Бичик, 2003, С. 112
  •  

Урут Өндүрэй "Биһиги хамначчыттарбыт бары акаарылар, ол иһин үөрэммэттэр уонна үөрэхтэрэ суох!" диэн саныыра. Онто ити баар, хотоннорун ыраастыыр уоллара аатын бэркэ диэн үтүгүннэрдэ буолбат дуо! Үөрэнэрэ буоллар, миигиттэн быдан ордук үөрэниэ эбит!" - дии санаабыта.

  Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.6
  •  

 Үүнэр, эдэр киһи киэнэ
Үрдүк дьоло, кэскилэ
Үөрэниигэ эрэ буолар.
Үтүө суолу тумнубатын...

  В.М, Новиков, Талыллыбыт айымньылар/Ымыы уонна Налбыһах.- Якутскай, 1977, С. 88