Ыраахтааҕы суола
Ыраахтааҕы суола – былыр сылга биирдэ харчынан ылыллар нолуок.
Уус-уран литератураҕа
[уларыт]“Ити билигин “Ыраахтааҕы суола” диэн ааттыыр, сахалары аймаабыт, ыал бөҕөнү кыһайбыт-мүһэйбит ыар түһээн оччолорго саҥа саҕаламмыта. Лаамыга түһэр курдат суолу оҥороннор, сайын ындыынан, көтөлүнэн, кыһын сыарҕанан Охотскайга хааһына таһаҕаһын тастараллара. Нэһилиэктэн биэс уон-алта уон көлөнү ыытарга сыл ахсын кытаанах ыйаах кэлэрэ. Дьэ ол тарҕатыыта, түһэриитэ нэһилиэги бүтүннүү аймыыра. Этиһии, найдаһыы, сэрибиэйдэһии, торгуйдаһыы, үҥсүү-харсыы бөҕө буолара. Көлөлөрө суох быстар дьадаҥылартан биэс ыал баһыттан биир киһини, көлөлөөх биэс дьадаҥы ыалтан биир көлөнү, сэниэ соҕус биэс ыалтан биир көлөнү төһө кыахтаахтарынан көрөн, холобур, улахан сис баайтан биэстии аты, биирдии киһилээн ыыталыыллара. Мин тойонум кыһын үс сыарҕалаах аты биир киһини, сайын икки ыҥыыр аты биир киһини туруорар биэдэмэстээх этэ”.
Болот Боотур. Уһуктуу
"Уолчаанын иитэрин манньатыгар кулуба сайын ортотугар биир-икки хамначчыт уолаттарын ыытан, Хараанай эмээхсин соҕотох ынаҕын иитэр тыын күрүөтүн отун оҕустаран бэрдэрэр. Эмээхсин оннугар өссө ыраахтааҕы суолун төлүүр".
Иван Гоголев. Хара кыталык