Иһинээҕитигэр көс

Умсуура

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Умсуура (Корякина Ольга Николаевна) - Тааттаттан төрүттээх саха бэйиэтэ.

  •  

Сымыыт хаҕын дьөлө охсон,
Хотой оҕолуу дьорҕооттук
Босхоломмут санаабынан
Ийэ дойдубун кууһуохпун...

  •  

Мин - сүүрбэһис үйэ
Сайдыылаах кыыһын -
Айааһана илик кындыа ат санаам
Халлаан сиигин бачымах сулустарын
Турута тэбиэлии, тэбиэһиргии...

  •  

Сүүрбэһис үйэ муммут
Куһун оҕотун
Санатар ийэ тылын
Сүтэрбит киһи
 

Умсуура туһунан

[уларыт]
  • Эдэр поэт санаа уобараһын таба туттар, ити үксүгэр сиппит-хоппут ааптарга көстөөччү. Бу үчүгэй. Кини булумньулара сонун... Умсуура өссө да умсугутуоҕа.

- Н.Дьяконов

  •  

Умсуураны сүрдээҕин ытыктыыбын. Аан бастаан саха дьахтарын хорсуон-хоодуот тылларынан, оччотооҕу улугуран сыппыт уопсастыбаны соһуппут, уһугуннарбыт кини буолар.

  — "Көҥүл куттаах поэттар" Барыыс Павлов, "Көмүөл" кинигэ кыһатын дириэктэрэ // Сулустан тохтубут хоһооннор / Б.И. Павлов - Дьокуускай : Көмүөл, 2011, С.3