Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
|
Тыаҕа үлэлии тахсарга
Ыччаты ыҥырарга
Кэлэр -барар,
Тиритэр -хорутар.
Оттон бэйэтэ -
Куорат киһитэ.
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С. 13 |
|
Быраһаай, күөх сайын,
Көттөҕүҥ дөбөҥүн,
Кынаттаах буолуоҥ диэн
Санаабат да этим !
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.25 |
|
Баҕардар, эйиэхэ тиийимиим,
Эйигин, баҕардар, ситимиим -
Күннэтэ эйигин сонордуур
Түбүктээх буоламмын дьоллоохпун.
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.28 |
|
Дьулайбаппын кырдьыыттан,
Күнүм кэлэн өлөртөн,
Кыбыстабын атынтан -
Сиргэ иэстээх төннөртөн !
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.35 |
|
Эйиэхэ биллибэт күүс тардар,
Доҕоччуок, онуоха эн, хардар,
Эн олус килбиккин, мин эмиэ...
Бу курдук сылдьыахпыт -муҥ эмиэ!
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.48 |
|
Тэбиэлээмэ,эдэр киһиэ,
Эргэ чабычах элээмэтин,
Хаһан эрэ өбүгэбит
Ас куппут иһитин!
...
Элбэҕи да этиэ этэ,
Болҕойор буоллар -бу иһит...
Хата ылан, кулгааххар даҕай,
Тугу эмит кэпсиэ, бу иһит !
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.49 |
|
Бэлэхпин сиргэ элиттиҥ,
Бэлэхпин үлтү тэбистиҥ -
Ити сүрэхпин элиттиҥ,
Ити сүрэхпин мэлиттиҥ. ..
Аһыйбаппын бэлэхпин,
Аһынабын сүрэхпин!
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.52 |
|
Муоһуттан тутан охторбоккун -
Кутуругуттан соһон тохтоппоккун...
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.53 |
|
Тумнастан, тууйуллан хаалбакка
Хоһооннор көҥүлгэ көттүннэр,
Сырдыгы, сылааһы хаайбакка
Аһаҕас турдуннар түннүктэр !
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.51 |
|
Өскө киһи буоллаххына -
Өлөн иһэн өрүһүнүөҥ,
Көнө суолгун көрдөнүөҥ!
Өскө эн кии буоллаххына -
Өссө эбии муунтуйуоҥ,
Бэл бу үс тиит иһигэр
Мунан хаалан муҥнаныаҥ. ..
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.60 |
|
Көстүбэккэ да эрэммин
Ол курдук Эйигин ууруом,
Эн сылааскын иҥэрэммин
Сыа хаар буолан уоскар ууллуом...
|
|
— Дьылҕам маҥан ата. Бичик. 2006. С.61 |