Иһинээҕитигэр көс

Дабыл

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дабыл - саха бөлүһүөгэ, суруналыыһа.

  •  

Маа бэйэлээх мааныкай оҥоһук.

  — "Күн тааһыттан" саҕаламмыта // "Кэскил" хаһыат, 2018, тохсунньу 16
  •  

Баардаах баара батарбат.

  — "Күн тааһыттан" саҕаламмыта // "Кэскил" хаһыат, 2018, тохсунньу 16
  •  

Киһи олоҕо араас... Сорох бэйэтин кылгас үйэтигэр эрэйи-буруйу, муҥу-таҥы эҥэринэн тэллэр, хараҥаҕа хаайтардар да хоһуун майгытынан, мындыр өйүнэн, тыйыс санаатынан кыаллыбаты да кыайара баар. Кини бар дьоҥҥо туһалаабыт үтүөтэ-өҥөтө хаһан да умнуллубакка уос номоҕо буолан хаалар. Үйэлэртэн үйэлэргэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн. Өссө ол удьуордуур, утумнуур буоллаҕына - биир туспа сэллээбэт сэһэҥҥэ кубулуйар.

  — Үйэлэри уҥуордаан. Үөһээ Бүлүү Нам сирэ. 2013
  •  

Олох түптээх уонна түбэ суох буолар. Түп диэн бигэ төрүттээх буолуута ааттанар. Түптээх олох. Киһи бэйэтин кыаҕынан олоруохтаах. Ол аата сатыыр дьарыгынан, сөбүлүүр идэтинэн олоҕун оҥостуохтаах. Биир сиргэ-уокка, чопчу дойдуга тохтоон, онно тэнийэн, ууһаан иһиэхтээх.

  — Дабыл. Бырамаҥҥа быралыйыы. Дь. Бичик, 2009
  •  

Георгий Романович Кардашевскай өлүөр диэри төрөппүт аҕатын мэлдьи ахтара-саныыра :"Мин аҕам олоҥхоһут, ырыалаах уонна оһуокай таһаарар үҥкүүһүт этэ. Кыһыҥҥы таҥараларга, урууларга ыалга ыҥырыллан олоҥхолуура. Мин кинини батыһа сылдьарым.
Бастаан истимэхтээн иһэн, туой эрдэ утуйан хаалбыт буоларым. Аҕам мин тоҕустаах эрдэхпинэ сэлликтээн өлөн хаалбыта.

  — Үйэлэри уҥуордаан.2013 сыл.
  • Төһө да байдаргын-тотторгун оҕону үлэҕэ сыһыар, олоҕу оҥосторго үөрэт, оччотугар эрэ кэнэҕэски ыччатыҥ киһи кэбин сүтэриэ суоҕа.
  • Кылгас күнү уһатарга үһүн түүҥҥүн кыччат.
  • Айыы санааны таҥнары истэр таас кулгаахтаах, Айыы майгыны сүөргүлүү көрөр чаҥ харахтаах, сиилии туттар сирэйдээх, сии-алдьата сатааччы сүттэр дуу, бүттэр дуу ханнык...
  • Туох барыта солбуктаах. Тиити – титирик, хатыҥы – хахыйах. Оттон киһини – оҕото. Кини олох оҥоһуутун салгыы уһаныа этэ – өскө уолуох ууну уолларбакка, охтуох маһы охторбокко, уһун утуму быспакка, саргылаах санааны саҥаттан саҥалыы саҕа сылдьарбыт буоллар.
  • Көҥүлэ суох дойдуга кырдьыгы этэри куттанан көҕөрө уҥаллар эрдэттэн. Тоҕо диэтэххэ, сирэй көрбөх кэҕийии элбэх киһи сүрэҕэр олус да уһуннук тоһоҕолуу хатаммыт.