Наталья Ивановна Харлампьева - саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэсэдээтэлэ.
Айымньыларыттан[уларыт]
|
Ким эрэ кими эрэ харыстыахтаах,
Онон үтүө тэнийиэхтээх.
|
|
— Ыһыах кэннэ, 2012, с.44 |
|
Оо, Азия хотун!
Түүр тылыҥ үлтүркэйинэн,
Моҕол тылыҥ модунунан,
Сахаҥ тылын сарбынньаҕынан
Саҥардаҕым буоллун,
Көрдөстөҕүм буоллун,
Ааттастаҕым буоллун!
|
|
— Ыһыах кэннэ, 2012, с.57 |
|
"Саха дьахтар таҥаралаах", -
Өбүгэлэрбит этэллэрэ.
Быстар дьадаҥы, үрдүк өһүөлээх
Итиннэ тэҥҥэ итэҕэйэрэ.
|
|
— Ыһыах кэннэ, 2012, с.61 |
|
Итэҕэйэбин
Сахам айыыларыгар,
Олох устун
Араҥаччылаан илдьэ сылдьар
Өбүгэлэрим үҥпүт
Үтүө күүстэригэр.
|
|
Олох - өрүс, улуу өрүс
Умсугутар сүдү күүс!
|
Санаатын кэрчиктэрэ[уларыт]
- Ийэ дэнэр үрдүк ааты оҕону төрөтөөт да иҥэриммэккин. Күн аайы, хас чаас аайы, олоҕуҥ устатын тухары ити үрдүк ааты дакаастаһар ирдэнэр курдук.
- Бүгүҥҥү олох холку, намыын, дьоһун, киэҥ көҕүстээх, уһун тыыннаах буолары эрэйэр.
- Биир киһи баламат быһыытынан
Буруйдуу санаама бар дьоҥҥун.