Иһинээҕитигэр көс

Уйбаан Мигалкин

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Мигалкин Иван Васильевич - саха норуодунай бэйиэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ.

  •  

Сир ийэни
     сырдыгынан күндүлүүр
Отон этим - оҕо этим,
Олох диэн тугун билбэтим.
Бэл түүлбэр көрбөтүм
     ким миигин
Бүөбэйдээн үүннэриэҕин
     биитэр үргүөҕүн.

  — Сулус санаалар, 2016, с. 138
  •  

Табыллыбыт хоһоон -
кымыһынан дьалкыйар
тупсаҕай оһуордаах
чороон кэриэтэ.

  — Сулус санаалар, 2016, с. 169
  •  

Күндүттэн күндү,
Көмүстэн күндү -
Киһи,
Киһи барахсан.

  — Сулус санаалар, 2016, с. 67
  •  

Дуоһунас диэн - ырбаахы,
Кини киртийдэҕинэ -
    сууйуллар, онтон өтүүктэнэр...
Кэлин тиһэҕэр, эргэрдэҕинэ -
       быраҕыллар...

  — Сулус санаалар, 2016, с. 75
  •  

Бэрт былдьаһыы -
       баар дииллэр, сахаларга,
Бэрт былдьаһыы -
       баар кыра ычалаахтарга.
Улуустаһан атааннаһыы -
       бу бытархайдаһыы!

  — Сулус санаалар, 2016, с. 75
  •  

Эдэр эрдэххэ -
Барыта судургу,
Саныыр санааҥ дохсун,
Таптаабыт кыыһыҥ - аанньал,
Тапсыбатах киһиҥ - өстөөҕүҥ.

  — Сулус санаалар, 2016, с.88
  •  

Күүттэриилээх хоноһо -
Буолар мааны хоноһо,
Соһуччу кэлбит хоноһо
Буолуохтун эмиэ -
Мааны хоноһо!

  — Сулус санаалар, 2016, с.89
  •  

Түспүт алтан ыйы
       сүрэҕэр туттан,
Турар ойдом үүммүт
       соҕотох хатыҥчаан...

  — Сулус санаалар, 2016, с.117
  •  

Хоһоонунан киһини ытатыы – бу буолар поэт сүдү күүһэ, чаҕылхай талаана

  — Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар, Бичик, 2000, с.6