Иһинээҕитигэр көс

Ньургуһун

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Ньургуһун(лат. Galanthus) — сибэкки, саас хаар ууллаатын кытта бастакынан тыллар сибэкки

Уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

Сааһын куруук эн тахсан
Күнү көрсө күөгэйэҕин,
Ньургуһунум барахсан
Дойдум ньуурун симиигин.
 

  — И. Артемьев
  •  

Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна үрүҥ айыы,
Уһугунна ньургуһун,
Уһугунна күөх урсун.
 

  — Сайа
  •  

Дьэрэкээннээх киэргэллэрдээх,
Дьирибинэс дьэргэлгэннээх
Чэмэлкэйдиир саастарыкпар,
Чэлгийээнэ кырдалыкпар
Чуочайаана сотокотун
Ньургуһунум дьылыһыппыт,
Нуоҕайаана төбөкөтүн
Күннэрикпэр көтөхпүт.
 

  Бүөтүр Тобуруокап.Ньургуһун туһунан тойук. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.198
  •  

Ньургуһунум, баҕар, эмиэ,
Дууһам уотун тилиннэриэ,
Умнубуту санатыа,
Уйадыта ыллатыа.
Арыйарга!
 

  Бүөтүр Тобуруокап.Ньургуһунна бэлэхтээ. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.203
  •  

Халдьаайы устун тэтэрэннэр
Ньургуhуннар үүммүттэр,
Таптал курдук нарын, сэмэй,
Тыыннаах буолар эбиттэр.
 

  И. Дмитриев
  • Сайылыгым кыргыттарын

Санаттылар ньургуһуннар.
Баанан кээстэр былааттарын,
Бөлөх-бөлөх муһуннулар.

Баал Хабырыыс

  •  

Дьэдьэннии тэтэркэй имигэр
Сарсыарда саһарҕа кыыһара.
Эдэркээн тэрэгэр түөһүгэр
Ньургуһун сибэкки күлэрэ.

  Е. Крылатов тылларыгар Николай Бойлохов мелодятыгар "Күннэй" диэн киэҥник биллибит ырыаттан

Ыстатыйалартан

[уларыт]
  •  

Ханна да буоларын курдук, тоҥ сири тобулу анньан, саас аан маҥнайгынан ньургуһун сибэкки тыллар. Бастакы ньургуһуҥҥа биһиги – сахалар, ырыаҕа ылланарын курдук, сүрдээҕин сүгүрэйэбит.
 

  — С. Климова