Иһинээҕитигэр көс

Саас

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сааскыһыннаах сайын ыккардынааҕы дьыл кэмэ.

Саас туһунан сомоҕо домохтор

[уларыт]
  • Сааскы сандал маҥан күнүм сардаҥатын курдук — уус уран тэҥнэбил.

Саас туһунан өс хоһоонноро

[уларыт]
  • Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан.
  • Сааскы тураахха дылы.

Саас туһунан бэргэн этиилэр

[уларыт]

Саас туһунан фольклорга

[уларыт]
  •  

Саһарҕалаах күннэрим
Саҕах үөһээ дьэ ойон
Сардаҥалаах сырдыгын
Сахам сиригэр ыыттаҕына
Саастыыр тыган сандаарыа!

  Н.К.Шамаев-Чопчухаан "Саас кэлиитэ" (оһуохай)

Саас туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]

... Саас кэлэн, хара тыа көҕөрбүт, киэҥ толоон устатын тухары иэнэ биллибэт күөх солко таҥаһы тиирэ тардан кэбиспит курдук буолбут.
Төрдө-төбөтө биллибэт күүстээх сүүрүктээх өрүс эбэ хотун, кырыалаах-кыыдааннаах кыһын обургу халыҥ мууһунан хаппахтаан хаайан турбутун үлтү күөрэлээн тахсан, унаарыйан көстөр киэҥ хочотун икки хара ии хайатынан ыла, сырдык дьүһүннээх тымныы уунан толорон кэбиспит.
Саас кэлэн, тыаҕа таҕыстаххына - чыычаах ыллыыр, ууга киирдэххинэ - балык оонньуур, көҕөрбүт күөх тыам баһын кэрэ дьүһүннээх кэҕэ кыылым киэһэлэри, сарсыардалары этэн чоргуйан сатарытар буоллаҕа.
Күн анныгар үөскээн-төрөөн сылдьар сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах, сааһын тухары сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан үөскээн олорор саха урааҥхай, саас кэлбитигэр көҥүл баран, үөрэр-көтөр үгэстээх.
Куһаҕан сигилилээх сигилитэ көнөргө дылы гынар, сүрэҕэ суох сүрэхтэнэр, ыалдьыбыт тиллэргэ дылы буолар, санаата түспүт - көтөҕүллэр.

"Сэмэнчик", Николай Неустроев

  •  

Саас этэ. Хаар ууллан, сир харааран, күөх от саҥардыы бытыгыраан эрэрэ. Уһун кыһын устата хам тоҥон сыппыт айылҕа, уһуктан, ирэн, дьэ саҥардыы хамсаан-имсээн кылыбырайан, саҥаран-иҥэрэн чуопчааран эрэрэ.

  Соппуруон Данилов, "Оҕо саас туманнаах сарсыардата" кэпсээниттэн

Эбии көр

[уларыт]