Доҕор
Тас көрүҥэ
Доҕор - кимиэхэ эмэ чугас, истиҥ сыһыаннаах, туох эмэ уопсай интэриэстээх киһитэ, атаһа.
Доҕор туһунан уус-уран айымньыга
[уларыт]- (Даайа кэргэнигэр Киириккэ) "Урут... Истиэххин баҕардаххына, дьиҥнээх доҕотторуҥ ол "уруккулар" этилэр. Ким хаалла билигин эйиэхэ чугас киһиҥ кинилэртэн? Арыый үрдүкү үлэҕэ дагдайбыт киһи ол кыра дьоннору аанньа ахтыаҥ, кинилэрдиин куодарыһыаҥ дуо? Сордоох! Ити Якутскайга мунньахха киирэн аҕыйахтыы хонукка сэмдэлиһэр атастаргын биитэр манна илэ-сала көтөр дьонноргун доҕотторум дии саныыгын дуо? Холоон ини! Кинилэр эйигин бэйэҕин кытта буолбатах, эн дуоһунаскын, эн кыаххын, эн үпкүн-харчыгын кытта "доҕордоһоллор". Дуоһунаскыттан мэлийиэҥ да кинилэри күрүлүүр күнүс тымтыктанан да булаттыаҥ суоҕа... Дьиҥнээх доҕотторуҥ ити Аяннаах этилэр..."
Софрон Данилов. Сарсын эмиэ күн үүнүө. Олох тыгыалас тымыра. Талыллыбыт айымньылар. Дьокуускай,1994 С. 174
- Дмитрий Степанович саамай чугас сэттэ доҕотторуттан – араас саастаах, идэлээх дьонтон биир ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстүм: “Д.С. Бурцев майгытын бастыҥ өрүтэ тугуй?” Онуоха маннык хардардылар: 1. “Кырдьаҕастарга олус үчүгэйдик сыһыаннаһар бэртээхэй эдэр киһи” (сэрии ветерана). 2. “Ханнык да кэтэх санаата суох, туох үчүгэйин-куһаҕанын сирэйгэ малтаччы этэрин сөбүлүүбүн” (министр). 3. “Доҕорун туһугар тиһэх ырбаахытын да устан биэриэ” (айар үлэһит). 4. “Киһиэхэ хаһан баҕарар көмөҕө кэлэргэ бэлэм” (учуонай). 5. “Улахамсыйар эҥин диэни билбэт, хайдах баарынан, судургутук сылдьар” (рабочай). 6. “Ыксаатахпына, киниэхэ телефонунан эрийээччибин – санааны үллэстэ, эрэйи-кыһалҕаны чэпчэтиһэ” (милиция полковнига). 7. “Спортка муҥура суох бэриниилээҕин иһин ытыктыыбын” (спорт үтүөлээх маастара).
Хаһан эрэ социология лабораториятыгар үлэлии сылдьыбыппын эргитэн, бу дьоннор санааларын билэн баран, сэттэ киһи Д.С. Бурцев туһунан өйдөбүлүн иккиэйэх эрэ тылга түмэбин: “Дьиҥнээх доҕор...”
Егор Неймохов. Дьиҥнээх доҕор. Таптал түөрт кэмэ. Дьокуускай, -Бичик. 2000 С. 209
- Көмөр хара баттаҕым күрэҥсийэн барыыта дьиҥнээх доҕор кимин саҥардыы өйдөөн эрэбин быһыылаах. Биллэр суолу хаттаан аспатым да иһин, этиим: дьиҥнээх доҕор хаһан баҕарар аттыгар баар буолуо - умса-төннө түһэр түгэҥҥэр да, үөрэр-өрөгөйдүүр күҥҥэр да. Оттон дьылҕа быһаарыллар чааһыгар таҥнарбыттар, долгун үрдүк арҕаһын миинэ сылдьааччыларга эрэ бэрт буола сатааччылар, мөлтүүр-ахсыыр саҕана иэдэс биэрбиттэр, дьыл-күн аастаҕын аайы, бэйэлэрэ сиидэлэнэн иһэллэр.
Егор Неймохов. Дьиҥнээх доҕор. Таптал түөрт кэмэ. Дьокуускай, -Бичик. 2000 С. 207
- Доҕор, дьиҥнээх доҕор диэн баар - дьылҕа киһиэхэ тосхойор саамай күндү бэлэҕэ. Хара санаалаах киһиэхэ доҕор диэн суох, куомуннаах эрэ баар. Үтүө санаалаах эрэ киһи эрэллээх доҕордоох буолар.
Софрон Данилов. Бааһына.
Доҕор туһунан өс хоһооннор
[уларыт]- Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох.
- Биир силистээх, биир тыыннах дьон
- Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, иттэнэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр доҕорум.
- Суон ойуур курдук турада, халыҥ ойуур курдук хахха.
- Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар.
- Икки ардыларынан уу тохтубат.
- Ыккардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат.
- Атас туһугар атах тостор.
- Айан киһитэ алгыстаах, суол киһитэ аргыстаах.
- Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.
Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт. | |
— Саха таабырыннара, өс хоһооонноро, чабырҕахтара. Дьокуускай, -бичик. 2006, 62с. |