Эрэй-муҥ
Тас көрүҥэ
Эрэйгэ, муҥҥа, сорго сыһыаннаах сомоҕо домохтор
[уларыт]- Эрэй-буруй
Эрэйгэ-муҥҥа сыһыаннаах өс хоһоонноро
[уларыт]- Дьоло суохха сото таһа түбэһиэ диэбиккэ дылы.
- Сордоохторго сото таһа түбэһэр, эрэйдээхтэргэ эт таһа түбэһэр.
- Сордооххо сото уҥуоҕа баҕалаах.
- Муҥнаах муҥнааҕы муҥа суох саныыр.
- Буруолаах буруолааҕы муҥа суох саныыр.
- Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр.
- Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат.
- Эрэйдээҕи эрэй ситэр, муҥнааҕы муҥ ситэр.
- Эрэйи эҥэриттэн, сору сонуттан тутуспут.
- Сорт оттооҕор элбэх, муҥ сыыстааҕар элбэх.
- Сордоммут-муҥнаммыт киһиэхэ үрүҥ да күн өлбөөдүйэн көстөр.
- Эрэйдээх этигэс, буруйдаах булугас.
- Эрэйдээх-буруйдаах киһи санаата дириҥ, киэҥ буолааччы.
- Муҥнаах муҥатыйарын таптыыр, эрэйдээх иһиллэтэрин таптыыр.
- Эрэйдээҕи таҥара аһынан.
- Муҥнаахтар мустан муоралаабыттарыгар дылы.
- Муҥнаахтар мустан "муоралыах" диэьиттэригэр дылы.
- Сатыыны биэс эрэй тоһуйар, аттаахтан биир эрэй куотар.
- Эрэйдээх эмэх маһы эргитэр.